Название: Баҕар өлүөм, баҕар тиллиэм…
Автор: Группа авторов
Издательство: Айар
isbn: 978-5-7696-4546-4
isbn:
Примите от меня пламенный горячий привет!
Дьэ, убаастыыр дьоннорум, төһө бэркэ олороҕут, доруобуйаҕыт хайдаҕый, дойдугут-сиргит өҥө-тото хайдаҕый, бырааттарым, сестэрэлэрим төһө бэркэ сылдьаллар, хайдах үөрэнэ сылдьаллар? Мэхээс төһө бэркэ олорор, доруобуйата хайдаҕый, төһө дохуоту быйыл колхозтан ааҕыста, баабыскалаах бэркэ олороллор дуо? Миша, Костя, Сергей Барабинск куоракка пулеметнай үөрэххэ үөрэнэ хаалтара, кинилэртэн мин арахпытым икки ыйтан орто, билигин ханна баалларын, хайдах сылдьалларын билбэппин.
Урут бэрт үчүгэйдик бииргэ сылдьыбыппыт. Оттон Софронеев стройбатальоҥҥа Новосибирскай куоракка эмиэ саха оҕолорун кытта үлэлии хаалта, мин киниттэн арахпытым балтараа ыйтан орто, Сталинскайга көспүппүт, онон кини ханнатын, Новосибирскайтан көһөртөрүн, баарын-суоҕун билбэппин. Араҕыахпыт иннигэр бииргэ бэрт үчүгэйдик сылдьыбыппыт. Стройбатальоҥҥа барбыт дьоннор уонна оҕолор фроҥҥа барбаппыт. Биһигини көрдөспүт да иһин ылбаттар. Сылаабай мөлтөх дьону миигинньиги үлэҕэ туталлар, оттон үчүгэй доруобай дьону күн-түүн мобилизациялаан хомуйан аҕалан баран бэрт дьоҕустук үөрэтэ түспүтэ буола-буола фроҥҥа атааран иһэллэр. Фронтан бааһыран кэлбит дьону биһигини кытта бииргэ үлэҕэ илдьэ сылдьаллар. Төһө да улахан баастаахтарын иһин дьиэлэригэр ханнык да киһини көҥүллээбэттэр. Улахан да кыра да куораттар аайы көҥүл үлэлии сылдьар эр киһи биир да суох. Барыта дьахталлар, кыра оҕолор эбэтэр кырдьаҕас оҕонньоттор. Сылдьарым былааныгар дьахтар эрэ өттө үгүс ордубут. Мин дьиэбиттэн арахсыахпыттан сүүрбэттэн тахса куоракка сырыттым, ол тухары биир да куорат өҥсүйэн олороро диэн олох суох, отой барыта быстыбыт, барытыгар килиэп нуорма. Үлэһит баһыгар 400 гр., кэргэнигэр 200 гр., баһаарга эти киилэтин 25 солк. булбаккын. Арыы 35 солк. көстүбэт. Таҥас чааһа олох суох, онтон-мантан олохтоох дьон эргэни-урбаны хомуһаллар. Байыаннайдары олус кытаанахтык туталлар. Биир хаамыы устатыгар ханна да олох көҥүллээбэттэр. Биһиги үлэбит сарсыарда 5 чаастан, киэһэ уоҥҥа диэри үлэлиибит. Аһылык чааһа олус куһаҕан. Сарсыарда 250 гр. килиэп сухой паек буолааччы, оттон обед биир тэриэлкэ сууп уонна 300 гр. килиэп, ужин 250 гр. килиэп суп баар күнүгэр биэрэллэр, суох күнүгэр килиэпкинэн бүтэр. Күҥҥэ 800 гр. килиэптэн олох топпоппут, атын да ас олох суох. Таҥаспыт сэтинньи 28 күнүгэр диэри сайыҥҥы таҥаһынан сылдьабыт. Чараас шинель уонна бачыыҥка тымныыта олус сүрдээх, онон тоҥобут да, аччыктыыбыт да бэрт, үлэ да элбэх, онон улахан эрэйгэ сылдьабыт. Хаатыргаҕа барбыт дьоннооҕор куһаҕаннык сылдьабыт. Эрэй диэн манныга баҕайы буолуо. Урут дьиэбэр сылдьан тотон, иһим туолан армияҕа барарга сананарым, ол санаабытым саҕаны амсайдым, эрэйдэнним, мөлтөөтүм. Дьоннорбун-сэргэлэрбин, дьиэбин-уоппун олус ахтабын. Капустины кытта урут бэркэ сылдьыбыппытын кэпсэтэ-кэпсэтэ харах уута тохтор, ытаһабыт кругом. Капустинныын биһиги тыыннаахпыт тухары арахсыахпыт суоҕа, биирбит туох эмэ буоллаҕына, иккиспит үтүктэр кэпсэтиилээхпит уонна тугу булбуту төбө тыырар идэлээхпит. Куораттан атын куоракка көһөрөллөрүгэр СКАЧАТЬ