– Бу саабыланы ыл, аҕатыттан уола ылыахтаах. Манан биһиги аҕаларбыт, эһэлэрбит көҥүл иһин, кырдьык туһугар охсуһууга көмүскэнэр этилэр.
Итинник этэн, аҕата уолун алҕаан ыраах айаҥҥа атаарбыт.
Ол кэмІэ Доно кыыс кэрэ дьүһүнүнэн сураҕырбыт, кэпсээн бөҕө сир аайы тарҕаммыт. Ыаллыы олорор хаан сүрэҕэ суох, ситэн эрэр акаары уоллааҕа үһү. Ол хаан, ыраахтааҕы бас билэн олорор сирин баһылаары, кини кыыһын уолугар кэргэн ылан биэрэргэ санаммыт.
Доно суорумньуһуттар кэлбиттэрин истэн баран: «Хаан акаары уолугар кэргэн барбаппын», – диэн булгуччу аккаастаан ыыппыт…
Бахадыр өр дуу, өтөр дуу айаннаабыт, онтон арай биир сарсыарда үрдүк хайа тэллэҕэр турар баай куоракка тиийэн кэлбит. Кини куоракка киирэн биллэрээччи киһи саҥатын истибит, биллэрээччи этэр эбит: «Истиҥ, күндү, үтүө дьон! Истиҥ бары уонна тугу да истибэтэхпит диэмээйэҕит! Ыалбыт хаан биһиэхэ сэриинэн түстэ! Бары чиэһинэй уонна кырдьык туһугар охсуһар дьон, куораккыт көмүскэлигэр туруҥ!»
Бахадыр, ыраахтааҕы сэриитигэр киирсэн, саба түспүт хаан аармыйатын утары сэриилэһэ барбыт. Уоттаах сэрии хабыр хапсыһыытыгар элбэх буойуннар уонна бухатыырдар тыыннарын биэрбиттэр. Өстөөх төттөрү охсуллубут. Ыраахтааҕы кыайан-хотон куоратыгар төннүбүт. Кини охсуһууга харса суох киирсэн кинини сөхтөрбүт эдэр сэрииһити булан дыбарыаска аҕалалларыгар соруйбут.
– Эй, бухатыыр, эн кимҥиний, хантан сылдьаҕын, хайаларын уола буолаҕын? – диэн ыйыппыт ыраахтааҕы Бахадыртан. – Эн хоодуоттук кииристиҥ уонна кыайан-хотон таҕыстыҥ. Билигин тугу баҕараргын барытын көрдөө!
Уол кистээбэккэ ыраахтааҕыга санаатын барытын кэпсээбит. Ыраахтааҕы кыыһын ыҥыртарбыт. Бахадыр уонна Доно көрсүһэ түһээт, үөрүүлэригэр буолан, дөйөн хаалбыттар.
Ыраахтааҕы дыбарыаһыгар үөрүүлээх уруу түөрт уон күннээх түүн тэбэн туран ньиргийбит. Түөрт уонус күннэригэр ыаллыы хаан ыраахтааҕыга эйэлэһэр, тупсар курдук тиийэн кэлбит. Кини чааскылаах күндү арыгыга дьаат кутан баран, ыраахтааҕы иһэригэр көрдөспүт.
Ыраахтааҕы иһээри гыммытын Бахадыр тохтоппут уонна ыалдьыкка эппит:
– Күндүлүүр киһи бастаан бэйэтэ амсайар баҕайыта.
Ыалдьыт хаан арыгыны, испэккэ эрэ, көбүөргэ тоҕо ыспыт. Ол эрэ кэнниттэн ыраахтааҕы ыалдьытын санаатын өйдөөн уордайбыт. Ыраахтааҕы ыалдьыта буолан, кинини өлөртөрбөтөх. Ол оннугар үүрэн таһаарарга уонна куоракка хаһан да киллэрбэккэ сорудахтаабыт.
– Хайҕаллаах эдэр киһи, эн харса суох сэрииһиккин, ону таһынан өссө муударай сүбэһит эбиккин, – диэбит Бахадырга ыраахтааҕы. – Ол иһин мин эйигин бэйэм сүрүн көмөлөһөөччүбүнэн аныыбын.
Бахадыр, ыраахтааҕы сүрүн көмөлөһөөччүтэ буолаат, муударай өйүнэн, чиэһинэйинэн уонна кырдьыгы көрөрүнэн норуокка аатырбыт.
УУЛААХ ҮС КУПСУУН
Бэрт өрдөөҕүтэ СКАЧАТЬ