Саамай күндү бэлэх. Группа авторов
Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Саамай күндү бэлэх - Группа авторов страница 3

Название: Саамай күндү бэлэх

Автор: Группа авторов

Издательство: Айар

Жанр:

Серия:

isbn: 978-5-7696-6198-3

isbn:

СКАЧАТЬ align="center">

      ӨЛБӨТ МЭҤЭ УУТА

      Былыыр-былыр икки муостаах Искандер ыраахтааҕы аан дойдуну бүтүннүүтүн сэриилээн ылбыта үһү. Биир походка сылдьан бааһыран өлөрө чугаһаабытын билбит. Искандер саамай бастыҥ эмчиттэрин ыҥыртаран ылан эппит:

      – Өлөр күнүм кэллэ, оттон өлүөхпүн баҕарбаппын. Сэриилээн ылбыт дойдуларбар мэлдьи ыраахтааҕылаан, өлбөккө олоруохпун баҕарабын. Үйэбин уһатар эмтэ булуҥ!

      Саамай муударай өйдөөхтөрө, биллиилээх эмчиттэр өр толкуйдаан баран, ыраах сир уһугар баар, сир анныттан тыган тахсар өлбөт мэҥэ уутун булларан иһэригэр сүбэлээбиттэр. «Сир анныттан тахсар ууну испит киһи өлбөт үһү», – дэспиттэр.

      Искандер ити сүбэни ылынан, наһыылкаҕа тиэйтэрэн саамай быһый саллааттарынан өлбөт мэҥэ уута тахсар сиригэр илтэрбит.

      Өлбөт мэҥэ уута тахсар сирэ күлүктээх тымныы ойуур иһинэн сүүрдэр эбит. Хойуу лабаалаах мастар күн уота тыгарыттан хаххалыыллар, хатыылаах, хойуу сэппэрээктэр күүстээх кураан тыала супту үрэриттэн харыстыыллар эбит.

      Саллааттар ыраахтааҕыларын өлбөт мэҥэ уута сүүрдэр сирин таһыгар аҕалан хаалларан баран, бэйэлэрэ барбыттар.

      Искандер өйдөнөн кэлбит, кыһыл көмүс хомуоһунан өлбөт мэҥэ уутун баспыт, уоһугар тиэрдиэн икки ардыгар иннигэр уҥуох-тирии нүксүгүр оҕонньор баар буола түспүт.

      – Тоҕойуом, – диир оҕонньор оргууй аҕай, – өскө эн ити өлбөт мэҥэ уутун иһиэҥ да, өлбөт үөстэниэҥ.

      – Оттон мин өлбөт буолуохпун баҕарабын эбээт! – диэн Искандер сөҕөн хаһыытаабыт.

      – Ыксаама, тоҕойуом, – диэбит оҕонньор. – Аан бастаан мин тугу этэрбин иһит… Үс тыһыынча сыл анараа өттүгэр сир үрдүн бүтүннүү сэриилээн ылбытым. Аан дойду олоччу мин атаҕым анныгар сытара, ким даҕаны уу хараҕынан утары көрбөт этэ. Оччоҕо мин өлбөккө быһаарыммытым, бары норуоттары уонна судаарыстыбалары баһылыыр баҕалааҕым. Бу мантан өлбөт мэҥэ уутун испитим… Онтон ылата сүүс эрэ сыл ааста, миигин умса кыраатылар. Билигин мин дьоҥҥо чугаһаан ааппын эттэхпинэ, кинилэр мин сирэйбэр силлииллэр, харахпар хаахтыыллар, «халабырдьыт, өлөрүөхсүт» диэн ааттыыллар… Билигин ити эн курдук, мин сир үрдүгэр өһүөнү, өһү-сааһы ыспыппын.

      Ити курдук этээт, оҕонньор мэлис гыммыт. Искандер буоллаҕына, санааргыы-санааргыы, өлбөт мэҥэ уутун хабахха куттан ылар, хоонньугар уктар уонна: «Дьиэбэр илдьиҥ», – диэн саллааттарыгар соруйар. Баран иһэн суолга өлөөрү ыксыыр. Саллааттар ыраахтааҕыларын үс кырдьаҕас мас күлүгэр тохтотоллор. Искандер хоонньуттан хабахтаах өлбөт мэҥэ уутун таһаарбыт да, испэккэ эрэ сиргэ тоҕо ыһан кэбиспит.

      Сүүһүнэн сыллар сүүрэн ааспыттар, үс кырдьаҕас мас хонуу куйаарга күн бүгүҥҥэ диэри силигилии үүнэн тураллар үһү, онно ааһан иһэр айанньыттар тохтоон сөрүүкээн, сынньанан ааһаллар эбит.

      БАХАДЫР УОННА ДОНО

      Былыр биир дьадаҥы киһи кэргэниниин олорбуттар. Кинилэр бэрт өйдөөх, амарах, кэрэ дьүһүннээх Бахадыр диэн уол оҕолоохторо үһү.

      Уол биир сайыҥҥы куйаас күн суолга ыарахан сүгэһэрдээх кырдьаҕас оҕонньору көрсө биэрбит. СКАЧАТЬ