Название: Саха сирин дьулаан түбэлтэлэрэ
Автор: Группа авторов
Издательство: Айар
isbn: 978-5-7696-5373-5
isbn:
Киргиэлэй кэргэнэ кэлэн илдьэ бара сатаабытын эр киһи буолумматах. Күһүнүгэр хас да күн үлэтигэр тахсыбатаҕын дьиктиргээннэр бара сылдьыбыттара, арай киһилэрэ өйүн сүтэрэн, илиитигэр быһах тутуурдаах нэһиилэ бырдыргыы сытар эбит. Дьиэ мала-сала барыта күөрэ-лаҥкы түспүт, иһит-хомуос бөҕө алдьаммыт үлтүркэйдэрэ муостаҕа ыһыллыбыт. Бу кэнниттэн Киргиэлэй соҕотоҕун туох да иһин хаалбат буолбут, ыйы-ыйынан саҥарбакка сылдьыбыт дииллэрэ. Төбөтүгэр оҕустаран сыл аҥаарын кэриҥэ эмтэммит.
Ити алдьархай кэнниттэн хас да сыл ааспыта. Киргиэлэйдээх диэн ыал хаһан да кэлэ сылдьыбатахтарын курдук, киһи куйахатын күүрдэр кэпсээннэр умнуллан барбыттара.
Биир кэмҥэ сулумах киһи олохсуйа кэлэн, ол дьиэ адьас чугаһыгар дьоҕус дьиэни тутта охсубут. Дэриэбинэ саастаах өттө ити чугас турар дьиэ соччото суоҕун сэрэтэ сатаабытын истибэккэ, чопчу ол дьиэ таһыгар туттубут эбит. Арай күһүөрү били киһилэрэ хас киэһэ ахсын тутуутун таһыгар кэлэн олорор, кими эрэ кытта кэпсэтэр курдугун сибикилээбиттэр.
Тымныы да түспүтүн кэннэ, син биир кэлэн олорор буолар эбит. Алтынньы бүтүүтэ били киһи саҥа тутуллубут дьиэтин көҥдөйүгэр бэйэтигэр тиийиммитин буланнар, дьон сүрэҕин хайыталаабыт… Ол миэстэттэн саҥа түспүт хаарга дьахтар уонна кыра оҕо атахтарын суоллара бааллара үһү. Ити дьулаан быһылаан буолуон аҕыйах хонук иннинэ, бокуонньук дойдутугар бара сылдьан: «Бэрт сотору кэргэннэнээри сылдьабын, ол дьахтарым уол оҕолоох, мин туттубут дьиэбиттэн ыаллыы дьиэҕэ олорор», – диэн кэпсиирэ үһү.
Иэдээн төрдө буолбут дьиэ билигин даҕаны турар, ким да олорбот, чугаһыгар дьиэ туттубаттар, аттынан да мээнэ сылдьыбаттар. Киһи чопчу туох диэн быһаарыан уустуга, дьиэни көстүбэт күүстэр уйалара эрэ дии саныыллара.
Сэлиилии сиэлэн
Икки сыл анараа өттүгэр сайыҥҥы сынньалаҥмар түбэспит быһылааным өйбүттэн-санаабыттан тахсыбакка эрэйдиир…
Самаан сайын сатыылаан турдаҕына, от-мас силигилии ситэн, сыт-сымар минньийэр, сир аһа буһар Бөтүрүөп кэнниттэн, нэлэмэн киэҥ сахабыт алаастарын, хотуулаах ходуһаларын нуолур солко отторо хойдон, бар дьон окко киирэр кэмнэрэ тиийэн кэлэр. Дьэ, бу кэмҥэ буоллаҕа дии, тыа ыала уһун кыстыкка бэлэмнэнэн, сайыҥҥы куйаас, ылааҥы күннэри баттаһа, үлэтин-хамнаһын үгэнэ! Охсуллубут от сыта, субуллар субуулар, лэкэспит лэкээлэр, от кээһии, отуу чэйэ, омурҕаҥҥа тахсан сылааны таһааран сынньанан олоруу, бэл, киһи сонньуйуох, кумаартан куотуу, оҥоойулардыын охсуһуу – үтүө да буоллаҕа.
Ол сайын бастаан өрүс арыытын охсубуппут, онтон сэлиэнньэттэн уонча килэмиэтирдээх сиргэ сытар алааска киирбиппит. Кииринньэҥ аҕам эргэ «УАЗ» массыынатынан күөрэ-лаҥкы сахсыллан төттөрү-таары айанныырбыт, ол эрэн оҕо эрдэхпиттэн тэбэр СКАЧАТЬ