Саха сирин дьулаан түбэлтэлэрэ. Группа авторов
Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Саха сирин дьулаан түбэлтэлэрэ - Группа авторов страница 3

Название: Саха сирин дьулаан түбэлтэлэрэ

Автор: Группа авторов

Издательство: Айар

Жанр:

Серия:

isbn: 978-5-7696-5373-5

isbn:

СКАЧАТЬ умнаайаҕыт диир.

      Былыргы өбүгэбит саҕаттан дьон-сэргэ олорон ааспыт сирдэрин ытыктыы, кинилэр олохторун туоһута – иҥнэйбит, сууллубут сэргэлэри харыстыы үөрэниэхтээх эбиппит, доҕоттоор…

Антон Иванов

      Бэйэтинэн биллии

      2011 сыллаахха төрөппүттэрим икки дьиэни тэҥинэн атыыласпыттара. Биирэ, улахана – кыһыҥҥы, иккиһэ – сайыҥҥы, миэхэ анаммыт этэ. От ыйын саҕаланыытыгар эксээмэннэрбин этэҥҥэ туттартаан, куораттан дойдубар тахсыбытым. Дойдум салгынынан сайа тыынан, ахтылҕаммын таһааран дуоһуйан сылдьарым. Кыра дьиэҕэ ийэм балта кыракый кыыһыныын бааллара. Мин дьүөгэбэр баран, ону-маны сэлэһэн, киинэ уларсан, дьиэбэр хойутуу кэлбитим.

      Ааннарбын хататалаан, сөрүүн уу иһэн, бэрт кыратык интернеккэ олоро түһэн бараммын, утуйардыы оҥостубутум. Эдьиийим оҕотунуун хайыы үйэ утуйбуттара ырааппыт. Тэлэбиисэр саҥата эрэ барбах иһиллэрэ. Саҥардыы утуйаары, халтаһаларым сабыллан эрдэхтэринэ, арай аан аһыллан, киһи киирэр курдук тыас иһиллибититтэн уум көтөн хаалбыта. Атах тыаһа кырачаан балтым оронун диэки барар курдуга, ыраах сиртэн сүүрэн кэлбиттии, киһи аҕылыыра иһиллэрэ. Мин кутталбыттан түүрүллүөхпүнэн түүрүллэн сыппытым да, балтыбын харыстыыр, көмүскэһэр санаалаах ойон турбутум да, ким да суоҕа. «Ээ, итирик киһи хайдах эрэ гынан дьиэбитигэр киирэн таҕыста быһыылаах», – дии санаабытым. Онтон тэрээсэҕэ тахсыбытым, ыппыт холку бэйэлээхтик утуйан буккуруу сытара, иһийбит чуумпуну аймыах туох да суоҕа. Ньиэрбэбин уоскутаары табахтаабытым, онтон киирэн хос сыппытым. Кутталбыттан кыайан утуйбакка эрэйдэммитим. Харахпын симтэхпинэ, моонньо да, түөһэ да суох кыып-кырдьаҕас оҕонньор төбөтө көстөр этэ. Сарсыарда уһуктан баран, улахан убайбар кэпсээбиппин: «Оо, бу кыыс даҕаны, оһоххун, уоккун аһаппытыҥ дуо, арааһа уотуҥ иччитэ Хатан Тэмиэрийэ быһыылаах, дьүһүнүттэн көрдөххө», – диэбитэ…

      Ийэм-аҕам, эбэлээх эһэм бэрт кыра сааспыттан сахалыы сиэргэ ииппиттэрэ, куораттан тахсаат да, алаадьылаан саҥа дьиэм оһоҕун аһаппытым. Хомойуох иһин, эдьиийим, тыа сириттэн тэйбитэ олус ыраатан, өбүгэтин үгэстэрин соччо тутуспат эбит, истэн баран олус куттаммыта уонна аал уотун иччитин алаадьы астаан, дьэ, күндүлээбитэ.

      Ийэ сүрэҕэ…

      Бу кэпсээн эдьиийим табаарыһа Сандал уол түбэспит быһылаанын туһунан.

      Сандал тыа сиригэр төрөөн, улаатан аармыйаҕа сулууспалаан кэлбит ыччат. Кини кэмигэр ханна да үөрэммэтэх, сулууспалаат да, дойдутугар кэлэн, дьонугар күүс-көмө буолан олорбут эбит. Биирдэ аармыйатааҕы доҕорун көрсөөрү, аҕатын эргэ «УАЗ» массыынатын собуоттаан, чугастааҕы бөһүөлэккэ барбыт. Доҕордуулар саллаат олоҕун ахтан-санаан өр олорбуттар, кыратык аһыы утахтан амсайа да түспүттэр. Киэһэ лаппа хараҥарыыта, Сандал дьиэтигэр төннөрдүү сананар, таһырдьа хайыы сахха борук-сорук, саатар самыырдыыр эбит. Саҥардыы айаннаан иһэн, испит арыгыта төбөтүгэр тахсан, хараҕа дьиримнээн ылар. Массыына СКАЧАТЬ