Название: Саха таабырыннара / Якутские загадки
Автор: Народное творчество
Издательство: Айар
isbn: 978-5-7696-4527-3
isbn:
1. Биир Аал Луук Мас баар үһү.
Говорят, есть священное дерево.
2. Туут балык сэттэ кэрчиктээх үһү.
У нельмы (белорыбицы) семь позвонков.
3. Сэттэ сымыыттан биирдэрэ кыһыл көмүс үһү.
Говорят, из семи яиц – одно золотое.
4. Киһи сылайбакка түүннэри, күнүстэри барар.
Есть человек, что идет без устали день и ночь.
5. Биир кэмҥэ бары дьон биир тылынан саҥарар. Хайа кэмҥэ итинник буоларый?
Есть время, когда все люди на одном языке говорят. Когда такое происходит?
Кыыл-сүөл
Животные
Үөн-көйүүр
Насекомые
1. Сыттык анныгар сытыы быһыйа сытар үһү.
Под подушкой острый ножичек лежит.
2. Бэйэтэ дьадаҥы да, баайа үрдүгэр баар.
Хотя сам бедняк, а богатство – на голове.
3. Атах быалаах аттар бааллар үһү.
Говорят, есть кони стреноженные.
4. Сытыы тыллаах (тумустаах) өрүөл кыыл күнү-ыйы бүөлүү көтөр үһү.
Остроязыкий (остроклювый) орел, солнце и месяц застилаючи, летит.
5. Баһыгар харахтаах тугуй?
У кого глаза на макушке?
6. Соҕуруу дойдуттан торбос саҥыйахтаах оҕолор кэлбиттэр үһү.
Говорят, с юга прилетели ребятишки в телячьих дохах.
7. Ньаассын лааппылаах, тойоннуур торуоскалаах уордаах ыраахтааҕы баар үһү.
Говорят, есть грозный царь с мягкой лавкой и повелевающей тростью.
8. Ырыалаах-тойуктаах Ырыа Ыгдаанай баар үһү.
С песнями и напевами певец с короткой шеей и головой, ушедшей в плечи, есть.
9. Орто дойдуга кэлэн баран, саҥата суох төннөр баар үһү.
В средний мир приходит и безмолвно уходит.
10. Күнү көрбөт күтүр бөҕө баар үһү.
Говорят, есть чудище, не видящее солнца.
11. Ким бэйэтин саҕа сибиниэһи соһор?
Кто может тащить свинец величиной с себя.
12. От илиилээх, от атахтаах Быһа Быакатта оҕо баар үһү.
Есть, говорят, Обтянучка-перетянучка с травяной рукой, травяной ногой.
13. Халлаан сир икки ардыгар тыалтан биэрэҥэлии турар куччугуй хамныыр матаҕа баар үһү.
Между небом и землей на ветру качается маленькая подвижная сумочка.
14. Аҕыс атахтаах Араллаан бухатыыр баар үһү.
Говорят, есть восьминогий Беда-богатырь.
15. Кытай кыргыттарын кыптыыйдарын тыаһа кыһырҕаан иһиллэр.
Позвякивание ножниц китайских девушек звонко слышится.
Балык, уу-хонуу харамайа
Рыбы, земноводные
1. Ким уолугунан айахтааҕый?
У кого рот на груди?
2. Байҕал устун кыһыл чааскы аҥаара СКАЧАТЬ