Название: Саха таабырыннара / Якутские загадки
Автор: Народное творчество
Издательство: Айар
isbn: 978-5-7696-4527-3
isbn:
Сахалыы сурук-бичик ааптара С.А. Новгородов саха таабырыннара оҕо өйүн-санаатын сайыннарарга, булугас өйдөөх буоларга туһалааҕын ыйара. Ол да иһин кини маҥнайгы сахалыы үөрэх кинигэтин бэлэмнээн таһаарарыгар таабырыннары хайаан да киллэрэри наадалааҕынан аахпыта. ТЛИ Институтун (билигин ГЧ уонна ААХНПИ) фольклористара фольклорнай-диалектологическай экспедицияларга сылдьан уонна биирдиилээн фольклору хомуйааччылар Саха сирин улуустарыттан үгүс таабырыны суруйан үйэтиттилэр. Билигин уопсайа НА СС Саха сиринээҕи Научнай киинин Рукописнай фондатыгар 15 тыһыынча таабырын араас варианнара уурулла сыталлар. Бу сыаната биллибэт сөҕүмэр баай матырыйаалы С.П. Ойунская анаан чинчийбитэ-үөрэппитэ уонна кандидатскай диссертациятын оччотооҕу Сэбиэскэй Сойууска биллэр фольклорист учуонай Б.Н. Путилов салалтатынан ситиһиилээхтик көмүскээбитэ. Кини саха таабырыннарын хомуурунньугун сахалыы, нууччалыы тылларынан бэчээккэ бэлэмнээн таһаарбыта. Онуоха 2855 таабырыны тоҕус суол бөлөххө наардаан киллэрбитэ. Хомуурунньукка саха киһитэ бэйэтин тулалыыр эйгэтин, айылҕаны, кыылы-сүөлү, көтөрү-сүүрэри, дьиэтин-уотун, туттар малын, туохха итэҕэйэрин туһунан уус-уран тылынан ойуулаан бэргэнник этэн таайтарар үгэстээҕэ көстөр.
С.П. Ойунская саха таабырыннарын наардааһыныгар олоҕуран, этнопедагог Е.П. Чехордуна ааптардыын бэйэтин кытта кыттыһан, учуутал И.К. Попов, учуонайдар Г.В. Попов, П.Н. Дмитриев кэнники хас да тэттик таабырыннарга аналлаах хомуурунньуктары бэчээккэ бэлэмнээн таһаарбыттара атыыга хамаҕатык барбыттара, билигин дэбигис көстүбэттэр. Сунтаар улууһун учуутала, кыраайы үөрэтээччи И.И. Иванов-Чопчу Уйбаан «Сунтаарым таабырыннара – саха аман өһө» диэн бэртээхэй кинигэтигэр бэйэтин түөлбэтигэр тарҕана сылдьыбыт таабырыннары түмэн таһаарбыта кэрэхсэбиллээх. Билигин да таабырыннар дьон-сэргэ ортотугар болҕомтону ылалларын, иитэр-үөрэтэр үлэҕэ, уус-уран тылга кэрэхсэбили үөскэтэллэрин кэрэһилииллэр. Онон саҥаттан саҥа, сонун норуот тылынан айымньыларын холобурдарын кинигэ оҥорон бэчээттээн таһаарарбыт наадалааҕа көстөр. Ол эбэтэр таабырын төрдө Таам Татакайдар биһиги бүгүҥҥү олохпутугар баар буола турдуннар.
Айылҕа
Природа
Сир-халлаан
Небо и земля
1. Түөрт ааттаах кырдьаҕас баар үһү.
У одного старца четыре имени.
2. Биир харыйа уон ордуга икки салаалаах үһү.
Есть, говорят, одна ель с двенадцатью ветвями.
3. Таҥаһын биир сылга түөртэ уларыттар баар үһү.
Кто в год четыре раза свою одежду меняет?
4. Баайтан ордук баайдаах Баай Баҕадах эмээхсин баар үһү.
Богаче всех богатая дородная старуха есть, говорят.
5. Бары кинини таптыыллар, оттон кини диэки көрдөхтөрүнэ, сирэйдэрин мырдыччы тутталлар үһү.
Все его любят, но кто на него взглянет – сразу хмурится.
6. Умайар-умайар да бүппэт баар үһү.
Горит-горит, да не выгорает.
7. Уу үрдүгэр көмүс чааскы уста сылдьар да илиигэ тутуллубат үһү.
На воде золотая чаша плавает, да в руки не дается.
8. Дьааһыкка СКАЧАТЬ