Дьокуускай харах уутун итэҕэйбэт. Иван Тарабукин
Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Дьокуускай харах уутун итэҕэйбэт - Иван Тарабукин страница 5

Название: Дьокуускай харах уутун итэҕэйбэт

Автор: Иван Тарабукин

Издательство: Айар

Жанр:

Серия: Наперекор судьбе

isbn: 978-5-7696-3394-2

isbn:

СКАЧАТЬ үрүүмкэҕэ майгынныырда тэрий.

      – Бай, бу тойоммут биһигиттэн харыс үрдүү оҕустаҕа тугун сүрэй? Тута дьаһалымсыйан, соруйан барда дии, киһиэхэ кыра да наада диэн маны этэн эрдэхтэрэ.

      – Этимэ даҕаны, астаах суумканы тутан олордоҕо эбээт. Аны «баһаалыста, өссө кыратык кут эрэ» диэн көрдөһүннэрэрэ буолуо. Оччоҕо көмөлөөн муостарын эрийтэлээн биэриэхпит. Сөп диир инигин?

      – Сөбө бороҕон. Ханнык эрэ табаны үрдүбүтүгэр ытыннара оонньообот эрэттэр инибит, тиэрэ баттыы сытан кулгаахтарын көннөртөөн биэрдэххэ сөп буола сыһыаҕа.

      – Эмиэ мин хоту тардыылаахпыттан уонна аҥаар таллайбыт кулгаахпыттан иҥиннигит. Кыра сылдьан хотон сабараанньатыттан охтон дэҥнээбит үһүбүн, онтум итинник таллайа оһон хаалбыт. Онтон олохтоох омук сыдьаана буоларбыттан олох кыбыстыбаппын. Мин өбүгэлэрим хантан эрэ хаппыт дүлүҥү миинэн куотан кэлбэтэхтэрэ.

      Биир бэйэм санаабар, биһиги, сахалар, быһа охсор быһаҕаспыт хаан булкаастаах дьон буолуохпут ээ, хантан эрэ Сахаараттан дуу, Тибиэттэн дуу бары бииргэ суулаһан кэлбит дьоммут диэн дойҕоҕу олох итэҕэйбэппин. Киһи ымсыырыах, Кавказ, Орто Азия омуктара бары бэйэлэрэ туспа тыллаахтар-өстөөхтөр, ааттаахтар-суоллаахтар, итэҕэллээхтэр, уонна ханнык омук буолалларын киһи эндэппэккэ билэр. Ол курдук сирэйдиин-харахтыын, быһыылыын-таһаалыын бэйэ-бэйэлэригэр майгыннаһаллар. Бэйэлэрин икки ардыгар хаһан да атааннаспаттар, ар-бур дэспэттэр, көмүскэсиһэллэр.

      Оттон биһиги хайдахпытын бэйэҕит көрөҕүт, ааппыт-суолбут суох, аҥаардас тылбыт эрэ ордон хаалбыт да, нууччалыы билэр киһи биһиги тугу кэпсэтэрбитин быһаарар. Итэҕэлбит да дьүүлэ-дьаабыта биллибэт, биир сүнньэ суох. Тас дьүһүммүтүн этэ да барыллыбат, халлааннаах сир курдук араастаһар. Онон биһиги хомуур омук буоларбыт хараҕа да суох киһиэхэ көстөн турарын үрдүнэн, соҕурууттан кэлбит аҕыйах күтүөт сабыдыалын үрдүктүк тутабыт. Тылбытыгар аҕыйах тылы кыбыппыттарын иһин түүрдэрбит дэһэбит. Оттон түүр омуктара бары биир тылынан кэпсэтэн өйдөһөллөрүн билэҕит дуо? Итэҕэллэрэ эмиэ биир.

      – Чэ, Кэриспэндиэн, тыынна ыла түс, эн биһигини ити кэпсээҥҥинэн син биир итэҕэтиэҥ суоҕа, хаһыабыт да, оччонон бары аҥыы-аҥыы туойа сылдьар тойооскуларбыт. Холобура, мин ариецпын диэхпин сөп, онно хаптаҕай сирэйим эбиллэн, мэйиим икки чөмчөкөтө тэҥҥэ үлэлээн тиҥиргэтэ сылдьаллар диэҕим.

      – Хата, ону-маны сымыйаны анаарбакка, уолаттар барахсаттар, күннээҕи олохпутугар төннүөххэ, биһиги да уулуссабытыгар күн уота тыкта. Дьоро киэһэбитигэр ирэ-хоро, кэпсэтэ-ипсэтэ, күө-дьаа олорон аһыаххайыҥ.

      – Дьэ, бэрт аата бэрт! Аны наһаа тото аһаан ойох көрдөөн маска ыттыбат инибит?

      – Кырдьык даҕаны, маннык мааны астаах кэмҥэ тыһы кыычалаах киһи мааһа табыллыа эбит. Мааны Розалаах кэнники кэмҥэ көстүбэт буолан хааллылар. Хара Аанчыгы балыыһаҕа киирэн өлбүт диэбиттэрэ.

      – Тыый, Баллайбыт Аанчыгы этэҕин дуо?

      – Кинини, «Туймаада» маҕаһыын иннигэр умналыы сырыттаҕына, оскуола оҕолоро ааһан иһэн кэнниттэн хатыйан түһэрбиттэр, охторугар СКАЧАТЬ