Название: Дьокуускай харах уутун итэҕэйбэт
Автор: Иван Тарабукин
Издательство: Айар
Серия: Наперекор судьбе
isbn: 978-5-7696-3394-2
isbn:
– Һок, бабат-татат, бу кимҥиний?
Сылаас турбаҕа атаҕын тыылыы тэбэн олорбут бөдөҥ-садаҥ киһи соһуйан ойон турда. Кыра киһи суумкатын иһиттэн арыгыны ороон иһэн соһуйан ходьох гынна да, түргэн үлүгэрдик төттөрү аста.
– Абааһыны көрбүккэ дылы туох ааттаах соһуйдугут? Сантехниктарбыт, – Күөх Харах, суос бэринэн үөхсүбүтэ буола-буола, киирбит дьоҥҥо ынан кэллэ.
Кини ойоҕоһугар турбут Турантай, суоһурҕанан, маһынан турбаны охсуолаан тиҥиргэттэ.
– Бу буомустар биһиги көрөр-истэр турбаларбыт үрдүгэр хорҕойон алдьаталлар-кээһэтэллэр, киртитэллэр эбит дии. Дьэ, итинник буоллаҕына кэпсэтии атын буолуо, – Кэриспэндиэн өттүк баттанан киирэр ааны туора турда.
– Убайдар, тыытымаҥ, биһиги бэрт начаас иттэ киирбиппит, манна урут хаһан да сылдьыбатахпыт, – кыра киһи, кэлиэх-барыах сирин булбатахтыы, төбөтө лэкээриҥнии түстэ.
– Көстөн турар дьыалаҕа сымыйанан мэлдьэһэ турбуккун, хата, үчүгэй аҕайдык уоптарыам ээ. Хатыы сылдьар күлүүспүтүн эһиги алдьаппыт эбиккит! Ааны аһыллыбат да, сабыллыбат да гына кэбилээбиккит.
– Быладьыымырабыс, тугу кэпсэтэ тураҕын! Бу дагдайбыт кыылы уонна хатаччы хаппыт үөнү төбөлөрүн хаһа түһэн, аны хаһан да манна кэлэн өҥөҥнөөбөттөрүн курдук сахсыйа түһэн биэриэххэ!
– Кэбис-кэбис, бэйэбит да быста-ойдо сылдьар дьоммут, эйэ дэмнээхтик арахсыахха, – үскэл киһи этии киллэрдэ.
– Этэҥҥэ эчэйэ иликкитинэ иэскитин төлөөҥ! – Күөх Харах кыра киһини уолугуттан ылла.
– Туох иэһин этэҕин?
– Өссө эн, үөн, иэстээххин билиммэккэ тураҕын дуо?! Күлүүһү алдьаппыккыт, ааны аһыллыбат гына мууска хам тоҥорбуккут! – диэт, кыратык далайан сирэйгэ оҕуста.
– Айыка, убаай! – кыра киһи өрө мөхсө түстэ, сирэйин кистии сатаата.
– Бээ эрэ, тохтооҥ!
– Тугу орооһо тураҕын, хата, төбөҥ сиигинэн бу маһы түһэрээйэхпиний! – Турантай, маһын күөрэччи туппутунан, дагдайбыт киһиэхэ ыга хаамта.
– Биһиги ол ха-ха-йаатыбыт? – анараа киһи кэннинэн чинэрийэн истиэнэҕэ сыһынна, үтүлүктэрин сиргэ быраҕан баран көмүскэнээри илиитин утары уунна.
– Хайа, ыт баара өссө охсуһаары ыстаҥалыыр дуу, дьэ итинник буоллаххына көрүлээтэхпит! – Күөх Харах сиэбиттэн бүк тутар быһаҕын ылан туруорда. – Эһигини баҕас, ханнык эрэ хаамаайылары, үнтү сынньан, өлөртөөн да кэбистэхпитинэ, ким ирдэһэн биһигини буруйга-сэмэҕэ тардыаҕай?
– Тохтооҥ! – Кэриспэндиэн, дьонун иннигэр киирэн, муннукка көмүскэнээри бэлэм турар киһиэхэ туһаайан эттэ.
– Ыччат, эрэй элбии, үлүгэр үөскүү илигинэ аны манна кэлимэҥ. Бүгүн ааны оҥорон хатыахпыт, ону алдьатыаххыт даҕаны холуобунай дьыала тэрийтэрэн оннугутун буллаттарыахпыт. Куотан, саһан туһа суох, биһиги илиибит уһун, син биир булуохпут! Билигин биһигини кытта хонтуораҕа барсаҕыт. Ыстараап СКАЧАТЬ