Санатыма дуу, ааспыты…. Огдо
Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Санатыма дуу, ааспыты… - Огдо страница 7

Название: Санатыма дуу, ааспыты…

Автор: Огдо

Издательство: Бичик

Жанр:

Серия:

isbn: 978-5-7696-3397-3

isbn:

СКАЧАТЬ уйаларыттан ылан түөһүгэр ыга кууһан түннүккэ чугаһата аҕалар. Сырдык буоллун, хараҥа буоллун, туох да ситимэ суох аҥаар кырыытыттан иһирдьэни-таһырдьаны, киһини-сүөһүнү, ыты-куһу арааран кэпсээбитинэн барар…

      Манна киириэҕиттэн иһигэр кистээн иитиэхтиир биир ыралаах. Хаһан эрэ кини үөрэнэн, идэлэнэн, хамнаһа үрдээтэҕинэ, туһунан дьиэлэниэ уонна булгуччу мантан биир эмэ эрэйдээҕи иитэ ылыаҕа. Ол оҕотун оннооҕор хайдах эрэ хараҕар көрөн ыларга дылы. Эмиэ да дьиибэтэ баар, кыыс хаһан эрэ кэргэн барыахтааҕын туһунан тоҕо санаабатаҕа буолла, ыал буоллаҕына бэйэтэ оҕолонуохтааҕын эмиэ учуоттаабатах дии.

      Аанчык итинник арааһы эрийэн-буруйан, быстах-остох булкуйан-тэлкийэн уһуннук санаабытыттан илистэ быһыытыйда, оргууй үөһэ тыынна. Оо, санаа диэн түгэҕэ дириҥиэн, сыыйыллара түргэниэн! Уопсайыттан үлэтигэр диэри, омуннаатахха, баара-суоҕа икки хаамыы. Ол икки ардыгар санаата ырааҕынан да «айаннатан» оонньоколоон ыллаҕа үһү. Барыта иэйииттэн саҕаламмыта ээ. Ийэ буолар үөрүүттэн, кистэлэҥ дьолтон уонна… соҕотох буолбатах долгуйууттан. Ол иһин, хаһан эрэ ылыахтаах оҕотугар туһаайан оргууй аҕай: «Чыычаах, тохтуу түһүөхпүт, бастаан оҕолонуохпут, онтон эйигин син биир ылыахпыт», – диэн бэйэтэ эрэ истэрин курдук сибигинэйдэ.

      Кыыс үлэтигэр кэлээт, муус маҥан халаатын кэттэ, эмиэ оннук туналыйбыт халпааҕын оройугар уурунна, кэтэҕэр ыга тардан баанна. Сиэркилэҕэ кини иннигэр атын Аанчык турар. Уулуссаҕа буоллар наһаа оннук киһи хараҕар быраҕыллыа суох эбит да, маҥан халаат кими баҕарар олус тупсарар. Кини симиттибиттии туттубут сэмэй баҕайы ыраас сэбэрэтинээҕэр быһыыта-таһаата ордук уурбут-туппут курдук. Орто уҥуоҕар сөрү-сөп сип-синньигэс бииллээх, көбүс-көнө атахтардаах. Онуоха эбии илиитинэн үлэлиир кыыс имигэс санныларыгар дьүөрэлии нарын илиилэрэ харахха чуо быраҕыллаллар. Хамсаныыта имэрийэн эрэр курдук сэрэхтээх, наһаа намчы буолан, оҕо эйгэтигэр айылҕаттан сыстаҕас буоларга анаммыкка дылы. Күлэн мичийдэҕинэ сирэйдиин сандаарыс гынар ис киирбэх мөссүөнэ киһи эрэ хараҕар чуо быраҕылларын бэйэтэ сэрэйээхтээбэт…

      Былырыын баччаҕа дойдутугар этэ. Аҕата суох буолбут кэмин саныырыгар наһаа ыарахан, ол иһин хаһан да оһуо суох чинчилээх бааһы тыыппакка, мэлдьи тумна сатыыр. Ордук-хос ыйыталларын эмиэ сөбүлээбэт, судургутук: «Ийэм кырабар өлбүтэ, бу диэн үчүгэйдик да өйдөөбөппүн. Оттон аҕам былырыын оһолго бараахтаабыта, онон төгүрүк тулаайахпын», – диэн быһыта биэрдэҕинэ, ким да эбии туоһулаһааччыта суох.

      Толялыын билсэллэригэр эмиэ ити курдук эппиттээх. Уол соһуйбута уонна тугу да саҥарбатаҕа. Ол күнтэн ыла кини кыыска сыһыана ордук иһирэх буолбута быһыылааҕа. Кинилэр Эргэ Саҥа дьылы атаарар саҕана түүҥҥү кулууп үҥкүүтүгэр көрсүбүттэрэ. Аанчык онно тиийиитэ соһуччу соҕуһа. Бииргэ үлэлиир кыыһын кытта таах сынньана таарыйа барсыбыта. Куорат сир ыччата сытыыта дэлэлээх дуо, уоллуун-кыыстыын тибийэн олороллоро. Онтон саллан кыыс муннукка турар остуолга турбаттыы сананан олорбута. Биир бытыылка суок СКАЧАТЬ