Санатыма дуу, ааспыты…. Огдо
Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Санатыма дуу, ааспыты… - Огдо страница 10

Название: Санатыма дуу, ааспыты…

Автор: Огдо

Издательство: Бичик

Жанр:

Серия:

isbn: 978-5-7696-3397-3

isbn:

СКАЧАТЬ кыаллыбатах муҥай… Аата, кэргэн ылыах кыыһа хамсыыр хартыына курдук кэрэтиэн, куолаһа минньигэһин, нарынын? Оо… Аанчыкка чахчы ханан да холооно суох мааны көрүҥнээх, имилдьигэс быһыылаах-таһаалаах. Аны… уруккуттан доҕордуу дьоҥҥо кини туораттан булкуспут бэйэтэ дуу, оччотугар Толя туох буруйдаах буолуой…

      Итинник булкуур санааҕа ыктаран, саҥата суох ытыы турар ыарахан кыыһы битириинэ анараа өттүттэн атыыһыт дьахтар көрөн тахсан кэллэ:

      – Кыысчааныам, туох буоллуҥ, көмө наада дуо? – диэн аһыммыт баҕайы куолаһынан сэрэнэн туоһуласта.

      Аанчык, тугу да хардарбакка, ыараан хаалбыт атахтарын нэһиилэ сыҕарыталаан, халты хаамта. Мааҕын сып-сырдыгынан угуйбут салон, санаатыгар, бүдүк-бадык, имик-самык уоттарынан атаара хаалла… Эчи да… туох ааттаах, элбэх киһи сылдьарыгар табыгаһа суох көрүдүөрүй, хараҥа соҕус дуу диэн аралдьытыныах санаа баара да…

      Биирдэ өйдөммүтэ, тула ыгылыйбыт дьахталлар ньамалаһаллар, кини сирэйин-хараҕын одуулаһаллар. Ким эрэ уу иһэрдэ сатыыр, ким эрэ, ханна эбитэ буолла, төлөпүөннүүр. Кинини ханна эрэ олоппоско киллэрэн олорпуттар. Ээ, атыыһыттар эбит…

      – Хайа, тоойуом, бэттэх кэллиҥ дуо? Аатыҥ кимий? Саҥар эрэ, – эмиэ өҥөйөн көрөн ыйыттылар.

      – Анябын… Туох буоллугут? – туох да диэн булбакка кини төттөрүтүн бэйэлэриттэн ыйытта, төбөтө тоҕо эрэ дыҥ курдук. Ити икки ардыгар туох буолбутун ситэн өйдөөбөтө. Арай, наһаа сылайбыкка, утуйуон баҕарарга дылы турук кинини нухарытан, сотору-сотору туймаарытар быһыылаах.

      – Суох, суох, Анечка, мэ-мэ, бу диэки көр эрэ! Кыргыттар, түргэнник суһал көмөнү ыҥыра охсуҥ, эмиэ охтоору гынна, – ити кэннэ кыыс, чахчы утуктаабыт курдук сананан, уу чуумпутук төбөтүн хоҥкуччу түһэрэн кэбистэ…

      «Бу иэдээни?! Пахай да, манна кэлэн аны уҥан охто оонньообут… Киһи кыбыстыах». Аанчык суһал көмө бырааһа тугу диирин аанньа истибэккэ, биир кэм ыытыҥ диэн көрдөстө, мэктиэтигэр ытаата, тиһэҕэр, төлө көтөн кэриэтэ, бу кыараҕас маҕаһыынтан тахса ойдо.

      «Сүрүн баҕаһын, туох абааһыта буллаҕай, барыта этэҥҥэ курдуга, ээ, арба да… Толяны көрбүтэ этэ дуу. Кырдьык да оннук эбит, кини Толята манна кэрэчээн бэйэлээх кыыстыын сыбаайба таҥаһын сыымайдыыллар быһыылааҕа»…

      – Оттон эмиэ да сөп дии, – Аанчык бэйэтин уоскутуна сатаата. – Мин диэн… үөрэх да суох, баай-дуол, дьиэ-уот эмиэ мэлигир, кэрэчээн кэргэн буолар кыыска туохпунан маарынныамый, – эмиэ бычалыйа охсубут хараҕын уутун аһарынаары хара күүһүнэн мичээрдии сатаата.

      Кини маҕаһыынтан тахсан уопсайын диэки сатыылаата. Син тэйиччи сири мааҕын оптуобуһунан кэлбитэ, оттон билигин маннык ытаан-соҥоон, дьону толору тиэммит көлөҕө туох диэн киирээхтиэй?

      «Ол эрээри… ол эрээри, мин Толяны таптыырым бэрт буоллаҕа. Кини кэннэ миэхэ бу орто дойдуга кимим да суох. Арай ийэм, аҕам бааллара буоллар ньии, мин да син атыттар курдук кыанан, талбыппынан кэтэр таҥастаах, СКАЧАТЬ