Үһүйээннэр, номохтор. Багдарыын Сүлбэ
Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Үһүйээннэр, номохтор - Багдарыын Сүлбэ страница 57

Название: Үһүйээннэр, номохтор

Автор: Багдарыын Сүлбэ

Издательство: Бичик

Жанр:

Серия:

isbn: 978-5-7696-3890-9

isbn:

СКАЧАТЬ диэн кэпсиир этилэр. Ол кыыс, төбөтүнэн ыалдьан баран, үтүөрбэтэҕэ, Мэгэдьэккэ таххан өлбүтэ. Ити Тамаара эмээххин бииргэ төрөөбүт балта.

      Дьаарын ол баһын уҥуоҕа мээнэ көстүбэт үһү. Туох эмэ муокас буолаары гыннаҕына көстөр үһү. Ити Өрүүнэ эмээххин мээнэ аата ааттаммат, билигин аата ааттанар диир этэ. Оҕуруоттаах Оҕонньоро диирэ. Инньэ диэн ааттыыра.

      Вера Федотовна Кононова (1910). Ньурба, Тыалыкы нэһилиэгэ. 1994 с. кэпсэппитим.

      САССЫАРДА ЭРДЭ…

      Күндэ диэн сиргэ ойун көмүллүбүт. Хордоҕойго. Ону кэпсииллэр, сассыарда эрдэ, күн тахсыыта ууну киирэн чыпчырыйан иһэрэ үһү. Сыыллан киирэн. Сыыллан киирэр суолугар орох курдук суол хаалар эбит. Үс сайын уот баһаара буолбут да кини эрэ уҥуоҕун тумнубут. Онтон хойут умайбыт үһү диэбиттэрэ.

      Владимир Иванович Саввинов (1941). Ньурба, Кугдаар. Лесхоз үлэһитэ. 1995 с. суруйбутум.

      ААТЫРБЫТ УДАҔАН КӨМӨЛӨСПҮТЭ

      Лаппаакы Борокуоппай Мэлэкэҕэ олорбута. Ийэтэ аатырбыт удаҕан этэ. Быһыттаах диэн сиргэ дьиэлээхтэрэ.

      Ыт Бастаах үрэҕин баһыгар улахан ойуур уота турбут. Сааскы өртөн. Сайын, атырдьах ыйын чугаһыгар, Мэлэкэҕэ чугаһаан кэлбит. Ходуһаларга бугуллары сиэтэлээбит.

      Быһыттаах оҕонньотторо, сүбэлэһэн баран: «Эмээхсинтэн көрдөһөн көрбүт киһи», – дэспиттэр. Кинилэр баҕалара – ардаҕы түһэртэрии. Кини кыра туруорбах балаҕаҥҥа олорбута. Кэлэннэр: «Дьэ, иэдээн буолла. Эмээхсин, саҥаран көрдөргүн хайдах буолуо этэй?» – диэн көрдөспүттэр. «Көрдөһүүгүтүн толорон көрүөххэ», – диэбит. Уонна эппит: «Сүүрүктээх уута икки ыаҕайата аҕалыҥ». Балаҕантан Ыгыатта 3–4 килэмиэтир эбит. Дьалкыйыа диэннэр, түөрт ыаҕайа ууну баһан таһаарбыттар. Икки киһи. Эмээхсин өрүнэ сылдьар баттаҕын ыһан кэбиспит уонна, төбө аҥаарын биир ыаҕайаҕа уган ылан баран, илгистибит. Онтон кутуран турбут. «Самыыр буолан саккыраа! Ардах буолан таммалаа!» – диэбит. Тула көрөн олорооччулар таҥастара-саптара дэлби сытыйан хаалбыттар. «Сарсын киэһээҥҥэ дылы кыра ардах кэлэрэ дуу», – диэн саҥа таһаарбыт.

      Сарсыардаттан олус күүстээх ардах түһэн, ыаллар дьиэлэрин-уоттарын хоппут. Дьоннор көрбүттэрэ, эмээхсиннэрэ, тиэргэҥҥэ тахсан, бэриинэтин дэлби сытыйбытын куурда сылдьар эбит. «Адьарайы кыратык угарга дылы гыммытым, туох ааттааҕа дьөллөн түстэҕэй», – дии сылдьар эбит.

      Бу ардах кэнниттэн тыа уота умуллубута үһү.

      ТҮҤ КЫЫҺА УДАҔАН

      Кинини быһа ааттаабат эбиттэр. «Сир, халлаан түннүгэ» дииллэрэ. Арааһа, бу былаас буолбутун кэннэ өлбүтэ буолуохтаах. Балаҕаннаахха, Туобуйаттан 30 килэмиэтир сир ыккый ойуурга көмпүттэр. Кэлин дьоннор көрдөөн көрөн баран булбатахтар. Булларбат эбит. Көмүстээх көмүллүбүт.

      Ыалдьа сыттаҕына, ийэ кута киирбит. Маҥан ыт буолан, орон анныгар. Түҥ Кыыһа эрдэ дьоннорун сэрэппит эбитэ үһү: «Ийэ кутум, маҥан ыт буолан, киириэҕэ. Наай диэҥҥит, үүрэн таһаараайаҕыт, – диэн. Ону истибэккэлэр, үөттүрэҕинэн үүрэн, таһырдьа СКАЧАТЬ