Үһүйээннэр, номохтор. Багдарыын Сүлбэ
Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Үһүйээннэр, номохтор - Багдарыын Сүлбэ страница 54

Название: Үһүйээннэр, номохтор

Автор: Багдарыын Сүлбэ

Издательство: Бичик

Жанр:

Серия:

isbn: 978-5-7696-3890-9

isbn:

СКАЧАТЬ ойун кэлэн, дьэ, кыырар. Киһитэ өлөр бэт буоллаҕа. Тоторбот, батыйатын маннык уурунан баран, олорор. Ойунун ыккатыгар. «Ыалдьыбат эбит. Һымыйанан һытар эбит», – диэн көрүүлэнэр киһитэ.

      Онуоха киһитэ, өһүргэнэн, түөкүнүнэн ойуннана һылдьар эбиккин диэн, батыйаннан анньаары, сыссар. Былыргы ыал оһоҕо дьиэтин оттотугар эбит. Ону оһоҕу үстэ эргитэр. Ол иһин, ойун баччыр оҕо саҕа баҕаннан хотуолуур. Ол баҕата буоллаҕына, Тоторбокко утары ыстана-ыстана, ыттыы үрэр. Онуоха: «Баайгын киэр гын, баайгын харай», – диэн көрдөспүтэ үһү. Онуоха, баайын харайан, барар. Элбэхтик ас-үөл биэрэн атаарбыт. Итинэн бүтэр.

      Ол киһитэ тоҕо ыалдьарый? Түүнүгэр уорар, күнүһүгэр ыалдьар, өлөр бэрт.

      МОХСОҔОЛ

      Аканаҕа Кыыл Алааһа баар. Ити мин эһэм алааһа. Кыыл – Мохсоҕол уола. Мин – Кыыл кыыһын уолабын. Өтөҕүн үүтэ билигин да баар буолуо.

      Ити Мохсоҕол диэн тоҕо ааттаммытый? Кыанар-хотунар, дохсун-бардам киһитэ үһү. Омуктарга хамначчыт һылдьыбыт. Табаһыт уол буолан. Үлэлэппэккэ аһатар буолан бартар. Уоталлар. Киһини һиир омуктар эбит. Түөртээх оҕону сүгэр-көтөҕөр, илдьэ һыддьар оҕолоох эбит. Ол оҕо: «Эдьийбин аҕалаллар. Икки хонон баран кэлэр. Оччоҕо эйигин һиибит», – диэбит.

      Ону истэн, хаппыт балык һүгэн, хаппыт эт һүгэн, дьэ, күрүүр. Дойду һиргэ. Ол күрээн иһэн, ыһыга быстан хаалар. Мас саалаах

      үһү. Биир куоҕаһы өлөрөн һиэн, дойдутун, ыалы, дьэ, булар. Аканаҕа киирэн, Таас Тумуһахха олохсуйар. Кэргэннэнэн кынан.

      Матрена Егоровна Иванова. Ньурба, Эҥээрдэк. 1994 с. 65 саастааҕа.

      СУОР БУУЛААБЫТ

      Биһиги ийэбит айыыны-хараны наһаа итэҕэйэр. Биһигини сэрэтэр онно. Дьэ, онно ол үөрэтэр, үһүйээннэри. Онно буоллаҕына Тоҥус Сиригэр 1 истибитин кэпсиир. «Суору тыытымаҥ. Суору тыытар – улахан айыы», – диэн.

      Былыр Тоҥус Сиригэр Тоҥус Байбал диэн олорбут. Соҕотох уоллаах эбит. Ол уола, улаатан баран, суору ыппыт. Ол суора, көхсүгэр табыллан баран, өлбөтөх. Хааннана-хааннана, хаана тохто-тохто, үөһэ таххыбыт. Халлаан үөһэ көтө турбут. Ону ол уол наһаа өр көрөн турбут. Ол суора, таххан-таххан, көстүбэт буолан хаалбыт. Дьэ онтон, ол уол, дьиэтигэр кэлэн баран, төһө өр буолан баран ыалдьыбытын билбэппин, сиһинэн ыалдьыбыт. Ол суору ыппытынан, көхсүнэн, ыалдьыбыт. Туох да эмтээбитин истибэтэх. Былыр ойуҥҥа эрэ эмтэтэллэр. Онтон ол ойуннара: «Суор буулаабыт. Биһиги кыайбаппыт. Суор төрдүн биһиги кыайбаппыт», – диэбит. Суор төрдүн туох да кыайбат диэн. Ол киһи кэлин, хас да сыл ыалдьа сытан баран, өлбөтөҕө. Сиһэ ньохчоҕор буолан турбута. Ол ньохчоҕор киһи хойукка дылы сылдьыбыта.

      Ийэм ол курдук кэпсиир этэ.

      Кэпсээнньит тылы быһаарыыта:

      1 Тоҥус Сирэ – билигин Өлөөнүнэн биллэр. Сыантардара Солоҕоон диэн быһыылаах. Оҥньоо, Таас Хороон диэн сирдэр. Кэлин, дэриэбинэ буоларыгар, Өлөөнү булбуттар.

      ААТТАММАТ ОҔОННЬОР АРАҤАҺА

      Өтөх Оҕонньор, бэйэтэ ойун оҕонньор, дьоннорбор кэпсиирин истэр этим. «Биһиги төрдүбүт – СКАЧАТЬ