Үһүйээннэр, номохтор. Багдарыын Сүлбэ
Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Үһүйээннэр, номохтор - Багдарыын Сүлбэ страница 34

Название: Үһүйээннэр, номохтор

Автор: Багдарыын Сүлбэ

Издательство: Бичик

Жанр:

Серия:

isbn: 978-5-7696-3890-9

isbn:

СКАЧАТЬ style="font-size:15px;">      Хаптаҕайдар ситинник үөскээбиттэр уонна тыаҕа тахсан испиттэр. Мыла үрэх устун. Тииттээхтэр Мыла үрэх устун тахсыбыттар. Харгыйалартан эмиэ мыраан үрдүгэр Харыйалаахха олохсуйбуттар. Харыйалаах аҕатын ууһа үөскүүр.

      Чэ, итинник.

      НӨӨРҮКТЭЭЙИЛЭР

      Нөөрүктээйилэр тустарынан Нөөрүктээйи оҕонньотторо кэпсииллэринэн.

      Нөөрүктээйигэ маҥнай Петровтар диэннэр олохсуйбуттар. Биллэн турар, соҕуруу диэкиттэн кэлбиттэрэ буолуо. Өрүһүнэн. Кинилэр кэннилэриттэн Нөөрүктээйилэр диэннэр кэлбиттэр. Элбэх киһи. Эмиэ өрүһүнэн устан.

      Ол Нөөрүктээйи аҕатын ууһа халыҥ дьон, өрүскэ үөскээн баран, тыаҕа тарҕанан барбыттар. Кэнники, арахсаннар, түөрт Нөөрүктээйи буолбуттар. Олус ыраах-ыраах үөскээннэр, тэнийэн хаалбыттар. Ити билиҥҥи Павловскайынан, Мооронон, өрүһүнэн-тыанан. Саамай улахан нэһилиэк хаалан хаалар.

      Онтон бу диэкинэн, ити Түүйэнэн, Көлөт Нөөрүктээйитэ арахсар. Туспа нэһилиэк буолар. Уонна Нөөрүктээйиттэн Тыараһа диэн нэһилиэк арахсар. Бу Мыла үрэх халдьаайытынан уонна Хомпу куулатынан, икки өттүнэн, сүнньүнэн. Биир нэһилиэк гынан баран, эмиэ нэһилиэктэри туораан, Тыыллыма нэһилиэгин туораан.

      Уонна өрүскэ, Ороссолуода соҕуруу өттүгэр, Дьөппөн бэтэрээ өттүгэр, ити икки ардыгар, Быллараат Нөөрүктээйитэ диэн кыра нэһилиэк баар этэ. Ол билигин Дьөппөҥҥө киирэн турар.

      Көлөт Нөөрүктээйиттэн, Түүйэттэн хоту билигин Мөҥүрүөн диэн ааттанар. Чоочо үөскээбит сирэ былыр.

      Ороссолуода Түмэти диэн ааттаах былыргыта, Торуой Тыыллыма диэн. Ити Ороссолуоданан тыаҕа тахсар. Ыраах тахсар. Түөрт көскө тиийэ тахсар. Хаатылыманан.

      Николай Михайлович Сидоров (1922). Мэҥэ Хаҥалас, Өлөчөй. Хара ийэтин ууһа. 1989 с. суруйбутум.

      ХАРА ИЙЭТИН УУҺА

      Хара ийэтин ууһа. Хара нэһилиэгиттэн хара оҕустаах хара уол көһөн кэлбит манна. Ол кэлэн, олохсуйбут. Ол олохсуйбут сирэ Кыыл Аабыт. Уулаабыт диэн быһыылаах. Ону кылгаппыттар. Кыыл Аабыт – ити кыстыга. Сайын буоллаҕына, бу Өлөчөйгө сайылаабыттар. Кэлин.

      Хара ийэтин ууһа түөрт араспаанньа үөскээбит: Сиидэрэптэр, Хабырыллайаптар, Ородьуйуонаптар, Стручковтар. Төрдүлэринэн дьадаҥы дьоннор. Холобура, бу мин эһэм Иһиччит Мааркап диэн үһү. Үйэтин тухары мас иһити оҥорор.

      Биһиги төрүппүтүгэр Матаатай диэн киһи үөскүү сылдьыбыт. Аатырар охсооччу.

      Алексей Андреевич Петров (1919). Мэҥэ улууһа, Бахсы нэһилиэгэ. 1982 с. Чурапчы Чыаппаратыгар суруйбутум.

      ҮРҮҤ ОҔУСТААХ ОҔОННЬОР

      Мэҥэ Хаҥаласка, Дойдуунускайга Дойду Бахсыта диэн баар. Улуу Арыы диэн. Ол арыыны Мэҥэҕэ биэрэн тураллар. Көһүү саҕана. Ол арыыны олохтоохтор, кырдьаҕас өттө, Бахсы Арыыта дииллэр. Диэх тустаахтар.

      Ити Бахсы, Танда Бахсы уонна бу Орто Бахсы барыта биир эбит.

      Былыр биир үрүҥ оҕустаах оҕонньор сири ааттаталаабыт үһү, кэрийэ сылдьан, диэн кэпсииллэр этэ. Биһиги оҕо эрдэхпитинэ. Баҕар, биһигини албыннаан этэллэрэ буолуо.

      Биир сир хас СКАЧАТЬ