Название: Үһүйээннэр, номохтор
Автор: Багдарыын Сүлбэ
Издательство: Бичик
isbn: 978-5-7696-3890-9
isbn:
Дьэ, уонна төттөрү түһэннэр, уолаттарыгар этэр: «Эдэр, ахсым санааҕытыгар кэлэҥҥит, бу мин курдук сааһын моҥообут кырдьаҕас киһиттэн, төһө да өс-саас баар буолтун иннигэр, санааҕытын аны халбарытыҥ. Этэҥҥэ дойдугутугар айаннааҥ».
Инньэ диэн уолаттарын, үчүгэйдик сүбэлээн-амалаан, атааран кээспит. Дьэ, итинтэн ылата бу киһиэхэ ким даҕаны, ханнык даҕаны өс санаатын уурбакка сылдьыбыттар. Оҕонньор төһө эмэ сааһыран баран өлбүтэ үһү. Кини баҕатын толорон, уҥуоҕа Ийэ Тааһыгар араҥаска турар.
Бу кырдьыгын-сымыйатын билээри мин икки сыл устата ити Хатыс Үрэх устун бултуу сылдьыбытым. Ол сылдьаммын, ити Ийэ Тааһа диэн ааттаах очуоска тахсан көрө сылдьыбытым. Онно ити араҥас элээмэтэ баар этэ.
СИҺИК ҮРЭХ
Былыр биир эбээн уонна саха бииргэ аргыстаһан айаннаан иһэн, бу биһиги аллараа өттүбүтүгэр Тулаайах Хайа кэтэҕэр Сиһик Үрэх диэн сиргэ кэлэн баран, эбээнэ: «Сиһии! Үрэх баар эбит дуу?» – диэбит. Онуоха анараа киһитэ: «Аата! Бачча улаххан уулаах үрэҕи көрөн туран эттэххин. Хата, хайдах туоруубут?»
Айылҕа үрэҕи туора чиргэл синньигэс маһынан далаһа уурбут. Ол маһынан тахсан иһэн: «Сиһи-и! Үрэх баар», – диэбит эбээнэ, сиһин булгу түһэн өлбүт. Онуоха сахата эппитэ үһү: «Эйиигин сэнии сылдьан, айаным аргыһа хаалла манна. Онон эн аатыҥ Сиһик Үрэх буоллун».
Итинтэн ылата, уос номоҕуттан түспэккэ сылдьан, Сиһик Үрэх диэн ааты сүгэн сыттаҕа.
Алексей Михайлович Черов. Муома, Кулун Өлбүт. 1976 с. 100 саастааҕа.
ОРТО ДАЙДЫ
Бастаан күнү көрбүт сирим Абый улууһугар. Бу дойдуга үс саастаахпар тахсыбыппын. Манна тахсан, субу дайдыга, субу томторго олохсуйабыт. Былыргыттан ааттаммыта Орто Дайды диэн.
Бастаан, Дьааҥы диэкиттэн кэлэн, бу сири булбуттар. Ол кэлэн туран эппиттэр: «Орто аан дойду үтүө сирэ бу дайдыга баар эбит», – диэн. Онтон ити Орто Дайды диэн ааттаммыт.
Бэрт былыр манна киһини сүрэхтээбиттэр үһү. Бу тоҕойго. Ураһа Хонуута диэн сир. Ол сүрэхтээбит томтордоро. Онно кэлэннэр, бастаан дьиэ суоҕар, ураһанан олорбуттар үһү. Ол киһини сүрэхтээбит дьиэлэрэ диэн чачыабына диэн баар этэ. Мин хойут, улаатан баран, уон алтабар дуу, төттөрү Абыйга киирэ сылдьыбытым. Икки сылга киирэ сылдьыбытым. Ол чачыабына, хойут улаатан баран, көрдүү сатыыбын да ончу булбаппын. Ойуур үүнэн хаалбыт. Талах үүнэн хаалбыт. Сити Ураһа Хонуута диэн сиргэ, итиннэ баар этэ.
Дьааҥы СКАЧАТЬ