Название: Үһүйээннэр, номохтор
Автор: Багдарыын Сүлбэ
Издательство: Бичик
isbn: 978-5-7696-3890-9
isbn:
Булгумар, өлөрүгэр Мастаах күөлгэ, Хаҕын икки Кыргыдай икки быысаһар сиригэр, кэриэс этэн көмтөрбүтэ үһү. Ити кини уҥуоҕунан Хаҕын икки Кыргыдай икки нэһилиэктэрэ быыс быһыммыттара дииллэр. Билигин даҕаны икки нэһилиэк отчуттара Мастаах күөлгэ ити сиринэн кэрбэҥнэһэллэр 1 эбит.
Кыргыдайга Булгумар туһунан үһүйээннэри чуолкай билэр кырдьаҕастар өлүтэлээн хааллылар. Билээччи кырдьаҕас ордубата даҕаны.
Кэпсээнньит тылы быһаарыыта:
1 Кэрбэҥ – быысаһар, кыраныыссалаһар сирдэрэ. Ити оттуур ходуһаларга биирдиилээн отчуттар, сыл аайы бэйэлэрэ оттуур буоллахтарына, кэрбэҥ оҥостоллор. Бэлиэ мас саайаллар эбэтэр охсуллубут хадьымалы силлиһиннэри охсубакка, биир хотуур суолун чиэппэрин кураҥынан оту охсубакка ордорон кэбиһэллэр. Ити кэрбэҥ эһиилигэр да сүппэт – охсуллубатах кур сэтиэнэх бэлиэ буолар.
Данил Никитич Федоров-Кылабыыс (1900). Бүлүү, Бөкчөҥөө нэһилиэгэ. Дайыла аҕатын ууһа. 1996 с. кэпсэппитим.
БӨТҮҤ ОҔОННЬОР
Амма Бөтүҥүттэн, Бөрө Бөтүҥнэртэн, биир киһи кэргэнэ өлөн хаалбыт. 4 уол оҕолоох эбит. Бу киһи буоллаҕына ынтах ойуун кыырдарбыт. Ол ойуун буоллаҕына көрүүлэммит: «Эн бу мантан уларыйдаххына, атын сиргэ бардаххына, хас да нэһилиэк аатын ааттатар ыччаттаныах эбиккин. Онон мантан тус арҕаа барыаххын наада. Ол бардаххына, Бүлүү өрүһэ диэн өрүс бэтэрээ өттүгэр, илин өттүгэр тараҕай төбөлөөх орҕооттоох 1, иһигэр киирдэххинэ, илин өттүгэр оруктаах тииттээх, хоту, соҕуруу ньолбуһах оҕуруос 2 күөлгэ тиийиэҕиҥ. Ол тиийэҥҥин, ол күөлгэ түһүүлэнээр. Билиҥҥитэ ити күөл аата Мундуйа диэн эбит. Ити һиргэ тиийэҥҥин, эн өр буолуоҥ суоҕа. Тэһийбэккин. Онон, дьэ, олохсуйар сиргин тарбаххынан талан, сөмүйэҕинэн сүүмэрдээн, ылгыҥҥынан ылҕаан, онно тиийэн, бэйэҥ көрдөөн булаар», – диэбит.
Бу киһибит айаннаан кэлбит айана диэн. Лиэнэни хайдах туораабыта биллибэт. Икки ынахтаах эбит. Онтон биир ынаҕын көлүнэн, туос тыытын тиэйэн, илимин кытта аһыыр иһитин тиэнэн, түөрт уолун батыһыннаран, аара илимнээн аһаан, айаннаан кэлбит. Ол иһэн, биир ойууҥҥа хоммут. Ол ойууна 4 уолуттан биир уолун көрдөөбүт. Онуоха уолун биэрбэтэх: «Түөрт тарбахпын быһар курдук саныыбын. Онон оҕолорбуттан биэрбэппин», – диэбит.
Онуоха ойуун куттаабыт: «Биэрдэргин да ылыам, биэрбэтэргин да ылыам», – диэбит.
Оҕонньор биэрбэтэх. Турбут да кэлэ турбут. Ойуун, кэнниттэн батыһан, биир уолун сиэри оҥостубута, уолаттар, туллук буолан, көтөн хаалбыттар. Ол иһин биир ынаҕын сиэн кээспит. Ол гынан баран, үйэлээх сааһыгар кэмсиммит бу ойуун. Ойуун аата Болуоһар диэн. «Нэһилиэги тэнитэ, улууһу олоҕурда баран иһэр киһини, биир ынаҕын сиэммин, улахан моһуогу оҥордум. Орто дойдуга улахан аньыыны оҥордум киһи төрөөммүн», – диэн кэмсиммитэ үһү диэн сурахха сылдьар.
Этиллибитин курдук, ити сиргэ кэлбит. Кэлэн баран, дьиэ туттан олорбут. Онно өтөх омооно баар. Олохсуйар сирин бэйэтэ көрдөөбүт. Көрдөөн, бу Бөтүҥ дэриэбинэтин олоҕор, СКАЧАТЬ