Үһүйээннэр, номохтор. Багдарыын Сүлбэ
Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Үһүйээннэр, номохтор - Багдарыын Сүлбэ страница 22

Название: Үһүйээннэр, номохтор

Автор: Багдарыын Сүлбэ

Издательство: Бичик

Жанр:

Серия:

isbn: 978-5-7696-3890-9

isbn:

СКАЧАТЬ Болбуоттаан кэлбиттэр. Болбуот (эргэр., нуучч. «подвод») – нэһилиэк дьоно уочаратынан айан дьонун таһаллар – «подводная повинность». Э. К. Пекарскай аҕалбыт биир холобура маннык: «Биэс нэһилиэк уопчастыба болбуотунан олороллор».

      Василий Осипович Каратаев-Багдарыын Баһылайа. «Аҕам аата Багдарыын. Ааппын былдьаһа сылдьаҕын», – диэбитэ. Бүлүү Бороҕоно. Мэҥэ аҕатын ууһа. 1990 с. 64 саастааҕа.

      МЭҤЭ КЫЫС

      Мэҥэ сирэ – учаастак. Мэҥэ диэн ааттаммыта – ити Мэҥэ Хаҥаластан сылгы иитийэхтии кэлбиттэр үһү. Сутааннар, от сии. Баай хамначчыттара буоллаҕа. Биир дьахтар оҕоломмут. Кинилэртэн. Кыыс үһү, бадаҕа. Ынах баһын аҥаарыгар атыылаан кээспиттэр. Ынах баһын аҥаарын биэрбит баайга биэрбиттэр. Дьэ, ол кыыһыҥ ууһаабыт, төрүттэнэн. Мэҥэ Кыыс диэн ааттанан, Мэҥэ диэн буолбут.

      Ынах баһын аҥаара атыылаах дьон диэн туох дьоллоох-соргулаах дьон буолуохтарай диир буолаллара бороҕоттор.

      Семен Алексеевич Чыбыков. Бүлүү. Кыргыдай оскуолатын дириэктэрэ. 1979 с. суругуттан.

      БУЛГУМАР

      Булгумар хоһуун Кыргыдай хоһууна эбит. Ыарыкчаан диэн сиргэ күөл тумуһаҕар олорбут. Ураты күүстээх, ох саанан олус бэргэнник ытар киһи эбит. Кини Кыргыдайын эрэ буолбакка, чугас нэһилиэгин Хаҕыны эмиэ өстөөхтөртөн араҥаччылыыр үгэстээх эбит.

      I үһүйээн. Хаҕыҥҥа тоҕус бырааттыы хоһууннар олорбуттар.

      Кыргыстар кэлэн, сэттэ быраатын өлөрбүттэр. Биири атаҕын оһоллообуттар. Икки ордубут бырааттар кэлэн, Булгумар хоһуун көмөлөһөрүгэр көрдөспүттэр. Булгумар сөбүлэспит. Соҕообут кырдалыгар тиийэн, төттөрү-таары хаамыталыы сылдьыбыт. Ону көрөн, Соҕообут (Сохообут) уҥуортан кыргыстар, маҥан сарыы таҥастаах дьон, сырсан кэлбиттэр. Үс киһи хоһуласпытыгар, Булгумар ох саанан ытан ньиргитэр. Үс киһини биир ытыынан тиһэ ытан кэбиһэр. Ордубуттара, куотан, атахха биллэрбиттэр. Икки ордубут Хаҕын хоһууттарыттан I Тоҕус, II Тоҕус нэһилиэктэрэ үөскээбиттэр быһыылаах. Ити кыргыстар үргүлдьү куоппуттар. Ити түгэнтэн төрүөттээх Соҕообут (Сохообут) күөлгэ Булгумар Аартыга (Кыргыстар Аартыктара) диэн баар буолбута.

      II үһүйээн. Булгумар Кыргыдайга Ыарыкчаан тумуһаҕар олорбут. Лаппа кырдьыбыт кэмигэр. Икки уола аҕаларыгар кэлэн үҥсүбүттэр: «Хаҕын тойоно икки илиммитин уоран барда. Аар тойон аҕабыт, илиммитин төннөрөр сүбэни бул, көмөлөс», – диэбиттэр.

      Онуоха аҕалара эппит: «Кыра уол тиийэн илимнэргин ыл. Күн тахсыыта утуйа сытар кэмэ буолуохтаах. Биһиги ураһатыгар тиийэрбитин сабаҕалааҥҥын, Соҕообут ортотун тыынан устан ааһан бараҥҥын, хаһыытаар: «Хаҕын хоһууна хара түөкүн, илимнэрбин ыллым. Сиппит сиргиттэн ыл!» – диэн. Олус тиэтэйимэ. Мин эппиппин үчүгэйдик өйдөө!» – диэбит.

      Уол, аҕата Соҕообут ортотун да ааһа илигинэ, илимнэрин ылбыт, күөл ортотугар тиийбэккэ эрэ, аҕата эппитин курдук, хаһыы-ыһыы бөҕөнү түһэрбит. Хаҕын хоһууна, ураһатыттан сүүрэн тахсан, уолу ох саанан көхсүн хараҕар түһэрбит. Уол өлөн уу күндээрэ түспүт. Булгумар иккис уолунаан ураһаҕа сырсан тиийэллэр, ураһа аанын тэлэйэ баттыыллар. СКАЧАТЬ