Название: Үһүйээннэр, номохтор
Автор: Багдарыын Сүлбэ
Издательство: Бичик
isbn: 978-5-7696-3890-9
isbn:
АЛЛАЙЫАХА
Анна Павловна Трофимова (1928). Аллайыаха, Ойоотун нэһилиэгэ. Эбээн. 1981 с. кэпсэппитим.
ХАЙАҔАСТААХ
Бу сир урукку аата Хайаҕастаах диэн. Удаҕан аата үһү Хайаҕастаах диэн. Хайаҕас баар этэ. Хас үйэ тухары турдаҕа дии хайаҕас. Ол хайаҕаска киирэҕин, ыраах соҕус хаамаҕын иһигэр. Аан курдук хайаҕас. Ол хайаҕаска бэлэҕэ суох ыыппаттар үһү былыр. Дьон: «Иччитэх барбат буолуҥ», – дииллэр үһү. Кэппиэйкэ эҥин, саҥа таҥас кырадаһынын, оҕуруо эҥин бырахтараллар эбит.
Ол удаҕан ити хайаҕаһы оҥорбут үһү. Мөккүспүттэр үһү икки ойуун. Удаҕанын биллэрээри хайаҕас оҥорбут. Мин күүстээх ойууммун диэн. Билиилээхпин диэн. Ону биирдэрэ: «Эн сириҥ алдьаныа, үйэтэ суох сир», – диир үһү. Иккиһэ: «Мин сирим үчүгэй, үйэ-саас туруо», – диир үһү. Удаҕана хайаҕаһы оҥорбут уонна хайаҕас иһигэр сүтэн хаалбыт уонна Халыманан тахсыбыт дииллэр.
Былыргылар кэпсииллэр.
АЛЛАРАА ХАЛЫМА
Савва Алексеевич Слепцов (1920). Аллараа Халыма улууһа, Походскай сельскэй Сэбиэт. 1984 с. суруйбутум.
КОТЕЛЬНАЙ
Походскай сиэнэ тиийэр сирэ. Былыргыттан тыл. Ону Котельнай диэн ааттаабыттара. Урут, хаһан эрэ былыр чуукча сэриитэ баар үһү. Иһити-хомуоһу талаан илдьээрилэр ол сэриини тэрийэн кэлэ сылдьыбыттар. Дьэ, онно биир оҕонньор олорбут. Сирэ аата суох эбит оччоҕо. Ол оҕонньор биир эрэ алтан салыырдаах эбит. Аччыгый. Иһэр-аһыыр иһитэ. Ону былдьаарылар ол оҕонньору сырсыбыттар буоллаҕа. Онтон ол сиэн туран, дыгдыйа буолан, тоҥон турдаҕына, ортото, биэрэгэ халыҥ соҕус буолан, киһини уйаруйбат буолан турдаҕына. Онно ситэн истэхтэринэ. Хас эмэ киһи батыйалаах. Ону халытан ыыппыт. Ол килэҥ устун. Салыырын. Оттон ол дьоннор диэтэр оҕонньору кэбиспиттэр. Салыырга киирбиттэр. Сүүрэн. Килэҥ устун. Онно бары тимирбиттэр. Онтон ааттаммыт үһү диэн кэпсииллэр этэ оҕонньоттор.
АММА
Ирина Сирдитова. Амма улууһа, Абаҕа нэһилиэгэ. 1960-с сс. Бүлүүтээҕи педучилищеҕа үөрэнэ сылдьан суруйбут курсовой үлэтиттэн.
КЫЫС ДЬААРБАЙБЫТ
Былыыр-былыр биир баай олорбут. Кини кыыстаах эбит. Ол кыыс эргэ барар сааһа буолбут. Аҕалаах ийэтэ кинини баай уолаттарыгар күүстэринэн биэрээри гыммыттар. Кыыс СКАЧАТЬ