Хотун Куо. Ойуур Уйбаан
Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Хотун Куо - Ойуур Уйбаан страница 5

Название: Хотун Куо

Автор: Ойуур Уйбаан

Издательство: Айар

Жанр:

Серия:

isbn: 978-5-7696-5480-0

isbn:

СКАЧАТЬ айахтатан кэбистэ.

      – Ээ, кини ордук санаан хайдах да буолуон билбэккэ дьүһүлэнии бөҕө. Дьүөгэтинээн Кларалыын: «Эдэр уолу иирдэн ылла», – дэһэн ордугурҕаан, кистии-саба мин туспунан араас хобу-сиби тарҕаталлар. «Уопсайтан үүрдэриэм» диир сураҕын истэммин, урутаан бэйэтин саба саҥардым. «Миэхэ күнүүлүүр Мишкаҕын бэйэҕэр ыл! Кини саҕа эр киһи элбэх ини!» – диэн баайсан тыыммын таһаарбытым. Син саллан куотан хаалбыта. Дьиҥэ, Мишка куһаҕана суох уол ээ. Бастаан эйиэхэ иҥээҥнии сатаабыта дии. Оттомноохтук сылдьыбыта буоллар, бука эн да чугаһатыаҥ эбитэ буолуо… Ээ, мин кырачаан кыыспын аҕалыыр баҕаттан бэйэбэр эрийэ сөрөөн ылбытым. Бачча сааспар соҕотох ийэ аатырымаары… Хайдах буолабын? – Люция суорҕанын бүрүнэн олорон, тоҥмут киһилии титирэстээн ылла. Уу-хаар баспыт харахтарын хаҥас ытыһынан ньуххарынна уонна эппиэт эрэйэн Күннэй диэки эргилиннэ.

      – Мин санаабар, Мишкалыын эйэ дэмнээхтик ыал буолан олоруоххутун сөп. Эн хаһаайыстыбаннайгын, дьаһаллааххын, харчыны сатаан булаҕын. Мишка живописец бэрдэ, айылҕаны наһаа үчүгэйдик уруһуйдуур. Аны түргэн-тарҕан туттуулаах үлэһит, сорудаҕы толоругас. Кырачаан кыыскар үчүгэй аҕа буолуоҕа уонна, оҕолонноххутуна, эн тылгыттан тахсыа суох көрүҥнээх. Билиҥҥи уолаттар аҕа саастаах, дьаһаллаах, харчылаах дьахтары ойох ылаллара муодаҕа кубулуйда дии. Эн ити түгэни мүччү тутума ээ.

      – Көр эрэ, эдэр эрээри олоҕу олорбут саастаах дьахтар курдук сүбэлиигин дии. Эн өйдөөх кыыскын ээ.

      – Баһыыба, оттон мин эн аһаҕас майгыгын сөбүлүүбүн. Көнөтүнэн кэпсэппэт истэрэ эриэн үөн, тастара таҥара чүмэчитэ дьахталлардааҕар ордуккун.

      – Һы-һы, эмиэ олус таба эттиҥ. Эн уустаан-ураннаан этэр хас биирдии тылгын, саҥаҕын-иҥэҕин истэ сылдьыбыт киһи баар ини. Бээ, таах олоруохтааҕар, хаарты-маатыскаҕа дьылҕабытын таайан көрүөх.

      – Пахай, хантан сатаары?!

      – Ничего подобного. Мин оҕо эрдэхпиттэн хаартылыыбын, сэрэбиэйдьиппин. Үгүс дьон олоҕун сөпкө таайаммын соһуталаабыт аҕай хотуускабын.

      – Тыый, оччоҕо дьэ эрэ! – Күннэй инники олоҕун таайтара охсуон баҕаран, үчүгэйкээн, киэҥ харахтарын симириктии көрдө. Үөрэн үөһэ-аллара тыынна.

      – Дьэ хотуой, хаарты-маатыска сыыспат, өрүү таба таайар, – Люция туумбатын тардарыттан сабыс-саҥа хаарты холуодатын хостоон таһаарда. Үөрүйэх үлүгэрдик имитэ-хомута тутаат, тыыр гыннарбытыгар, Күннэй куйахата күүрдэ.

      – Наһаа да итинник буолбатар, һы-һы. Кырдьыгынан эттэххэ, соччо эрэммэккэ олоробун ээ… – Күннэй хаартыны быһыан кэрэйэн, саарбаҕалыырдыы төбөтүн быһа илгистэн ылла.

      – Киһи олоҕо үчүгэй да, куһаҕан да өрүттэрдээх буолар баҕайыта. Онон, хаарты араастык көрдөрөн кэбистэҕинэ миэхэ өттүккүн үнтү түһэ өһүргэммэт, кыыһырбат-тымтыбат эрэ буоллаххына, эн дьылҕаҕын сэрэбиэйдээн көрөргө сөбүлэһэбин.

      – Сөөп-сөп, хайдах да таай, өһүргэниэм суоҕа.

      – Оччоҕо сэгэриэм, чэ быс! – Люция хайа да сэрэбиэйдьит СКАЧАТЬ