Название: Баҕар өлүөм, баҕар тиллиэм…
Автор: Группа авторов
Издательство: Айар
isbn: 978-5-7696-4546-4
isbn:
Мин Харьков куорат таһыгар баарбын, ыалдьан балыыһаҕа киирэн сытабын. Сэрииттэн тохсунньу 7 күнүгэр кээлтим, онтон комиссияҕа көрөн баран госпиталга ыыппыттара. Ыарыым диэн – уҥа атаҕым бүтүннүү иһэн хаалта. Билигин үтүөрэн эрэбин. Аны икки, үс хонон баран фроҥҥа ыыталлара буолуо. Миигин кытта бииргэ кэлбит саха уолаттара сэриигэ бааһыран эмиэ эмтэнэ сыталлар. Уус-Алдан оройуонун, Хоро нэһилиэгин уолун уҥа илиитин тарбаҕын үһүөннэрин буулдьа быһа көтөн ааспыт.
Туох да күнүн-түүнүн билбэккэ сэрии алдьархайдааҕа бара турар. Кэмэ суох элбэх дьиэ умайар. Самолетунан көтө сылдьан бомбаны быыстала суох быраҕаллар. Сир ийэ бүтүннүү өрө эккирии турар, киһи биирдэ даҕаны сынньаммат, утуйбат үлүгэрэ. Тохсунньу ыйын бүтүүтүгэр биһиги дьоммут түөрт куораты ылбыттара.
Эһиги дьэ үчүгэйдик олоруҥ. Уол оҕо дьоллоох буолар. Үчүгэйдик сылдьан баҕар дойдубар эргиллэн тиийэр буолуом. Онно тиийдэхпинэ сонуну кэпсиэм.
Өлбөккө-сүппэккэ үчүгэйдик олоруҥ.
Мин немец омук ылан олорор Чугуев уонна Харьков куораттарыттан 4 биэрэстэ сиргэ баарбын. Олорор сирим аата «Быласыалапка» диэн дэриэбинэ. Дьэ мин эһиэхэ хаартыскабын ыытабын. Баарым курдук көрө сылдьыҥ. Манан суруйарым бүттэ. Суруйдум эһиги уолгут
Никифор Георгиевич Пестряков Уус Алдан оройуонугар II Курбуһах нэһилиэгэр төрөөбүтэ. 1941 сыллаахха Армияҕа ыҥырыллыбыта. Сэриигэ артиллериһынан сылдьыбыта. Командование бойобуой сорудахтарын уһулуччулаахтык толорбутун иһин «Аҕа дойду сэриитин I степеннээх» уордьанынан уонна «Хорсунун иһин» мэтээлинэн наҕараадаламмыта. Аҕа дойду көҥүлүн, чиэһин иһин охсуһа сылдьан, 1944 сыллаахха атырдьах ыйын 1 күнүгэр Польша сиригэр өлбүтэ.
ТАРАСОВ САВВА ИВАНОВИЧ
Ытыктабыллаах төрөппүттэрим аҕам Ваня, ийэм Шура, бырааттарым Савва II, Савва III, балтыларым Анисия, Анна дорооболоруҥ!!
Мин кулун тутар 18 күнүгэр «Чудово» диэн тимир суол станциятын ыларга кыттаммын хаҥас илиибэр араанньы буолтум. Бу «Чудово» станцияны ылар билигин да өтөрүнэн кыаллыа суох, аҥардас биир биэрэстэ хаалан турар да кыайтаран ылылла илик. Өскөтө ылар буоллар, Ленинград босхолонор. Ленинграды немецтэр эргийэн тураллар, ол тас өттүнэн биһиги немецтэри эргийэн турабыт. Биһиэхэ арай винтовка эрэ баар. Атын сэптэр суохтар. Оттон немецтэргэ хас биирдиилэригэр автомат, пулемет толору, салгынтан күүстэрэ сүрдээх – бомбанан ордук хотуталлар. Оттон биһиги самолеттарбыт биирдэ да көстүбэттэр. Наступлениеҕа киирбит киһиттэн тыыннаах ордубут суох, арай мин курдук араанньы буолбут ордор, ол да дьоллооҕо. Захаров Михаил Николаевич өлбүтэ, киһи ити өлөр, субу өлөр. Оттон бэйэҥ олох куттанан, кумаардаан да көрбөккүн. Сахаттан ордубут аҕыйах буолуоҕа.
СКАЧАТЬ