Биир күн, сиэннэрэ кыыс ыалдьыттыы кэлби- тин маанылаан минньигэһинэн хатаҕалаары, сарсыардаттан тэринэн Ньукулай кырдьаҕас Лаапатыныын аргыстаһаннар, эмиэ маҕаһыыннарыгар барбыттар. Тыаны туораан, сыыртан түһүүгэ оҕонньор бүдүрүйэн охтон, хаһан сахсынан-тэбэнэн туруор диэри, көһүлүөгүн онно түһэрэн кэбиспит. Хата этэҥҥэ, эчэйбэккэ тиийэн, ыларын ылан, атыылаһарын атыылаһан баран төлөһөөрү гыммыта баара, көһүлүөгэ биир да сиэбигэр суох үһү. Ол мучумааннана, көрдөнө-тирбинэ турдаҕына, таһырдьаттан лааппыга ыала Ылдьаа оҕонньор киирбит:
– Дугаар, Ньукулай, ытыҥ тугу эрэ ытыра сатыыр, миигин чугаһаппата, – диэбит.
– Ии, бараххаммын көр, ол мин сүтүкпүн соскойдостоҕо, – диэн, таһырдьа тахсыбыт.
Онтуката чахчы. Лаапа оҕонньор көһүлүөгүн ытыра сатыыра халтарыйан мүччү түһэ турар. Ол иһин, бу өйүн көр, муннунан анньыалаан, төһө эмэ сыҕарытан, субу маҕаһыын аттыгар чугаһаан кэлбит ээ!
Ити кэмҥэ маҕаһыыҥҥа барбыт Лаапалаах Ньукулайы дьиэҕэ уһаатылар диэн күүт да күүт. Сиэн кыыс, ол аата Ира, минньигэһин сии охсоору түннүгүнэн тахсыах айылаах, кэтээ да кэтээ. Эбэтэ оҕонньорун кэлэр кэмин ааста диэн дьиксинэр. Ол иһин бара сатаан Аамкатын соруспута:
– Тахсан көр эрэ, Чүк иһэр дуо, – диэн ааны арыйан таһырдьа таһаарбыта.
Ити эмиэ «ноо»-лоох. Ньукулай оҕонньор, тоҕото эбитэй, Мөһөөччүк диэн хос ааттаах. Эбэтэ ыттарын кытта итинник быһалыы, кылгас-кылгастык соруйталаан, кэпсэтэр идэлээҕэ. Сотору буолаат, кэлбитин биллэрэн ааны таһыттан тарбаан, Аамка киирбитэ. Кини кутуругун кумуччу туттан аа-дьуо киирдэҕинэ, ол аата чугаһынан бэттэх оҕонньор көстүбэт диэн буолуохтааҕа. Оттон бу сырыыга, кутуруга куймаҥалаан аҕай, иһирдьэ соҕотохто баар буолбутун, эбэтэ үөрэ көрсүбүтэ: «Оо, Аамка маладьыас!» – диэн саҥа аллайбыта уонна сиэнигэр «эһэбит субу чугас кэлбит эбит» диэн сүпүлүөрдээбитэ.
Тэллэх ыт диэн Мөһөөччүк оҕонньор Аамкаларын соччо-бачча баардыылаабата. Үксүн эмээхсинэ көрбөтүгэр хаадьылыыр, оҥостон олорон күлүү гынар кыдьыктааҕа.
– Аамка! – диэн кытаанахтык ыҥырара иһиллээччи.
Ардыгар эмискэ тэһэ кэйдэрбиттии:
– Чүк! Кэл манна! – диэн ыҥырар. Ол аата «Миэхэ кэл, Мөһөөччүк ыҥырар» диир быһыыта.
Онуоха Аамкалара дэйбиир курдук кутуругун муостаны биир гына соспутунан тиийэн кэлэр. Чугаһаабыт ытын: «Көр эрэ», – диэт, ньааҕынаппытынан таһырдьа анньар. Итиэннэ мүчүк гына-гына, тугу да гымматах киһи, уу чуумпутук олорор. Кыһын буоллаҕына, сотору буолаат, ыт айманар, ааны тарбыыр саҥата хойдон барар.
СКАЧАТЬ