Булумньу оҕо. Татьяна Находкина
Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Булумньу оҕо - Татьяна Находкина страница 5

Название: Булумньу оҕо

Автор: Татьяна Находкина

Издательство: Айар

Жанр:

Серия:

isbn: 978-5-7696-3423-9

isbn:

СКАЧАТЬ буолуо дии саныыгын быһыылаах да, айдаан тахсыбатын диэн аҕаҕар эппэппин. Бар, чэ, утуй. Сарсын дьиэҕиттэн ханна да тахсымаар, киэһэ эрдэ кэлэ сатыахпыт. Дьиэҕэр оҕолору мунньаайаххыный, эдьиийиҥ Марианна хонтуруоллуоҕа, – ийэтэ онтон да атын үөрэтэр-такайар тыллары бэрт элбэҕи кутта-симнэ.

      Витя ийэтэ киһиэхэ биллэр гына долгуйбутун муодарҕыы көрдө.

      Алевтина Илларионовна хоһугар кыыһыран тилирчэхтээн киирдэ. Утуйа сытар кэргэнин уһугуннарыам диэбэккэ суорҕаны сулбу хаһыйан арыйа тарта.

      – Эмиэ туох буоллуҥ? – Сэмэн Сэмэнэбис сөбүлээбэтэҕин биллэрдэ.

      – Телевизоры тоҕо көрбүтэ буолан холбуугун, син биир утуйар эрээригин, – сунууруттан тоҕо тардан телевизоры араарда.

      – Хайа, бу дьахтар туох буолбутуй? Киһилии араарар кыаҕыҥ суох дуо?

      – Өйдөөҕүмсүйүмэ. Эн аҕаҥ кырдьан баран эҥин араас буолбута биһиги олохпутугар күн бүгүнүгэр диэри хара бээтинэ буола сылдьар. Саатар өлөн да баран сүгүн сыппат буоллаҕа үһү, – суорҕанын күүскэ уһаты-туора тардыалаан көннөрбөхтөөн кэргэнигэр көхсүн көрдөрөн сытта.

      – Ол сүүрбэччэ сыллааҕыта өлбүт оҕонньор тугу оҥордо? – Сэмэн уруккуттан аҕатын тыыталларын сөбүлээбэт буолан кыыһыра быһыытыйда.

      – Аҕаҥ түннүгүн оҕото уолгун икки сылы быһа сантаастаан харчы хоро тастарбыта үчүгэй дуо?

      – Акаары буоллаҕына, таһан көрдүн.

      – Тоҕо эрэ атын уолаттарга кыһаммат, эн уолгун тыытар. Ити кэннигэр туох эрэ баар, арыгыһыт убайа эппит быһыылаах.

      – Онон туох диэри гынаҕын?

      – Туох толкуйдааҕын убай киһи хаан-уруу бы-рааккыттан миигинэн салҕаммакка эрэ бэйэҥ ыйыттаҕыҥ дии… – Алевтина кэргэнигэр өс саҕа буолан, тылынан хайаан да тыытыһан, куруубайдык эппиэттээн тэйэр.

      Сэмэн Сэмэнэбис кэпсэтэн да диэбиттии түҥнэри хайыһан сытта. Алевтина сааһырдаҕын ахсын майгыта-сигилитэ эбии боростуотуйан, тугу да сүгүн истибэт, кыыһыран өрө татыакалана түһэр. Аҕатынан киирэрэ-тахсара сүүрбэччэ сыл тухары ыстаабыт ыаһа, кэбийбит килиэбэ буолар. Аҕата Сэмэн уон төгүл олоххо интэриэстээх, киирбит-тахсыбыт сытыы, иһэ-рин-аһыырын таһынан күүлэйдиирин да сөбүлүүрэ. Кыаһаан сирэйигэр сүрдээх киэҥник арылыччы көрбүт харахтаах, үрдүк көнө уҥуохтаах, сахаҕа тас көрүҥүнэн кыраһыабай оҕонньор этэ. Кини аҕатын баппатах, ийэтинии лаппычах уҥуохтаах, оҕо эрдэҕиттэн, кыыска дылы диэн, ньыламан маҥан сирэйин сөбү-лээбэт, эбиитин кыараҕас харахтаах, сымнаҕас майгылаах. Аҕата үйэтин тухары түптээн-таптаан биир тэрилтэҕэ үлэлээбэтэҕэ. Дьиҥинэн, үрдүк үөрэхтээх зоотехник эрээри, идэтинэн үлэлээбэккэ, тэрилтэлэргэ кочегарынан, харабылынан, тас үлэһитинэн үлэлээбитэ. Кырдьан баран кылыыһыт буолбукка дылы, 55 сааһыгар эдэр сүүрбэлээх кыыһы булбута. Аҕаларын саҥа тапталын дьиэнэн бары утарса сатаабыттара да, кыайбатахтара. Дьиэ кэргэҥҥэр эргилин дии сатаабыттарын, оҕонньордоро ким да «ыйааһыннаах» тылын истибэтэҕэ. Эдэр дьахтар тапталыттан эдэригэр түспүтэ, саҥа тапталын таҥара гынан үҥэрэ. Сыл ааспатаҕа, тапталлааҕа сонуна ааһан, эр киһини муор-туор тутара СКАЧАТЬ