диэн, көрөн туран кэпсэтэр курдук салгыы, көнө-судургу тыллар көтөн испиттэрэ. Чахчыта оннук, кини ийэтин эмэн соппойорун өйдүүр ээ. Икки атаҕынан таймаҥалаан, тэбиэлэнэн оонньуу-оонньуу, ийэтин эмиийин төлө тутумаары, быыкаа тарбахтарынан кымаахтаан чыраахтаһара бу баарга дылыта. Минньигэс да баҕайы аһыттан арахсымаары араллаан бөҕөтүн тардара… Үһүн лаппа ааһыар диэри аны хаампатах эбит. Онон көтөххө сылдьан, бу санаатахха, аан дойдутун төрдүттэн улахан киһи хараҕынан анаарбыт эбит. Ону кини билинэр, олус күндүтүк саныыр, оннооҕор бииргэ мэниктиир оҕолоруттан кыбыстыбат, наада буоллаҕына билиниэн да сөп.
«Күндүттэн күндүнү, кэрэттэн кэрэни,
Күөх сирэм сир күнүн, таптыаҕыҥ ийэни…»
Чахчыта даҕаны! Мин ийэм бу сир күнүн санатар, кини дьиҥнээх Күн! Ити ырыаттан иһийэ долгуйбут уолчаан сааһа букатын аҕыйах этэ. Баара эрэ сэттэлээҕэ дуу, аҕыстааҕа дуу. Ол эрээри ити күнтэн ыла ийэтин дьиҥнээх Күн курдук көрөр буолбута. Олоҕун тухары. Оннооҕор тиһэх ыарыытыгар сытар эрэйдээх хайа да оҕолоруттан Килиимэ бүөбэйдиирин ордороохтуура. «Оҕом илиитэ сымнаҕас, эһиги киһини мас курдук тутаҕыт» диэн үҥсэргээбиттээҕэ. Онон, букатын барыар диэри, Күн Ийэтин илиититтэн араарбакка көрбүт – Килиим.
– Ийэм барахсаны, субу сотору кэминэн… суох буолуон сэрэйдэрбин даҕаны… араастаан аралдьыта, кэпсэтэ сатыыбын. Артыыс талаана итинниккэ табыллыбат, тахсыбат… Ийэм, дьиҥ иһигэр, мин саататарбар наадыйбата да буолуохтаах. Бу санаатахха, бэйэбин курдаттыы да көрөөхтүүрэ ини. Ол да буоллар оҕотун хомотумаары-хоргутумаары, хара күүһүн муҥунан өйүү сатыы сытаахтаабыта… Кини баара эрэ 58 саастааҕа. Куолубунан сүрэҕин иһиллии турбутум, «баран эрэр» киһи сүрэҕин тыаһын истибит аҕыйаҕа буолуо. Оттон мин тапталлаах Күн Ийэм сүрэҕэ, бигээн тутан турдахпына, 5 чааһы 11 мүнүүтэ ааһыыта… тэппэт буолан хаалбыта, үйэлэр тухары тохтообута. Ити – мин олохпор саамай сүдү сүтүгүм…
Килиим тумус туттар дьоно – ийэлээх аҕата. Биир да бэлиитик, билиҥҥи-урукку кэм өйдөөхтөрө, улуу бөлүһүөктэрэ буолбатахтар, утарытынан, этинэн-хаанынан билбитэ, айах атан кэпсэппитэ-биһирээбитэ, хараҕынан таптыы-харыһыйа көрбүтэ кинилэр – ийэтэ уонна аҕата. Өйдөөхтөн өйдөөхтөр, мындыртан мындырдар, хоһуунтан хоһууннар, күүстээхтэн күүстээхтэр уонна ыраастан ыраастар!
Кинилэр уолларыгар сыһыаннара урут сэбиэскэй кинигэҕэ айымньы буолан киирбит улуу Ленин ийэтигэр сыһыанын сахалыы олоххо дьиҥ көстүүтэ этэ. Биир мөҕөр тылынан хаҕыстык хаарыйбатах, сэмэлээн муннукка-ханныкка анньыбатах, мэлдьи сүбэ-эйэ тылларынан сирдэппит үтүөкэннээх иитии бу дьиэ иһигэр баара.
Дойдуга тапталы иҥэрбит эмиэ – кинилэр. Иитиллибит, төрөөбүт сир ураты тыынын кимнээҕэр да уйаҕастык букатын кыратыгар ылыммыт буолан, Килиим дойдулууругар билигин даҕаны остуоруйаҕа кэриэтэ, икки санныгар аарыма кынаттар сараччы үүнэн тахсар курдуктар. «Дойдулуубун!» диэтэҕинэ атыннык үктэнэр, туспатык тэринэр, маарыннаабаттык СКАЧАТЬ