Кистэлэҥнээх Саха сирэ. Группа авторов
Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Кистэлэҥнээх Саха сирэ - Группа авторов страница 3

Название: Кистэлэҥнээх Саха сирэ

Автор: Группа авторов

Издательство: Айар

Жанр:

Серия:

isbn: 978-5-7696-5507-4

isbn:

СКАЧАТЬ оройугар муостаах, сибиинньэ курдук муруннаах, атаҕар туйахтаах нуучча чуортугар ханыылыы тутар. Дьиҥэ, сүллүүкүн олох атын – төбөтүн оройо уһуктаах, баттаҕа, хааһа суох, баҕатыҥы дьаллаҕар айахтаах, бытыылка курдук быһыылаах сарыннаах, кыра уҥуохтаах буолар. Номоххо кэпсэнэринэн, кини эмиэ киһи курдук бэйэтин дойдутугар оҕо-уруу үөскэтэн, дьиэ-уот тэринэн, ынах-сүөһү ииттэн олорор.

      Таҥха Хаан – сэттис халлааҥҥа олорор киһи дьылҕатын айар-кэрдэр, төлкөтүн түстүүр Үрдүк айыы.

      Тыл төрдө

      Тыл билимин дуоктара Рифкат Ахметьянов этэринэн, «сүллүүкүн» (сахал.), «шуликун» (эргэр. славян.), «шулэйкин» (коми), «шүлгэн» (башк.) – тыллар бары «шуй-луҥ-хуан» диэн кытай тылыттан төрүттээхтэр. Шуй-луҥ-хуан диэн кытай мифологиятыгар уу дракона, кини – өрүһү, муораны, былыты бас билэр иччи.

      Таҥха күннэрэ

      Саха өйдөбүлүнэн, сүллүүкүттэр тохсунньуга, таҥха кэмигэр, олохтоох ууларыттан сир үрдүгэр аҕыйах хонукка тахса сылдьан баран, төннөллөр. Бастаан уот оттооччулар суолу арыйаллар, өтөхсүйбүт дьиэлэргэ, балаҕаннарга олохторун бэлэмнииллэр, онтон кинилэр кэргэннэрэ, оҕолоро, кырдьаҕас өттүлэрэ тахсаллар. Бу кэмҥэ таҥха күннэрэ үүнэллэр, төлкө иһиллээһинэ саҕаланар.

      Таҥха кэмигэр куһаҕан тыынтан харыстаныы:

      Сүллүүкүттэртэн сэрэнэн, тымтыгынан аан, түннүк үрдүнэн, дал, хотон айаҕар кириэс саайаллар;

      Киһи кута барсыа диэн таһырдьа таҥас хаалларбаттар;

      Ойбонтон уу баспаттар;

      Абааһылар аймахтаһар ыйдара диэн уруурҕаһыыны оҥорботтор;

      Ордук хос тыл-өс тахсара сатаммат.

      Былыргы таҥха көрүҥнэрэ

      Өбүгэлэрбит сүллүүкүттэртэн илэ бэйэлэриттэн дьылҕаларын истэллэрэ билигин үһүйээн буолан ахтыллар.

      Ол курдук, былыр сахалар, инникилэрин билээри, тохсунньу тоһуттар тымныытыттан толлубакка, алаас ортотугар өтөхсүйбүт балаҕаҥҥа саһан олорон, баҕар, сүллүүкүттэр киириэхтэрэ диэн кэтииллэрэ. Таба тайаннахтарына, кинилэр талбыт балаҕаннарыгар киһи диэхтэрин киһи буолбатах, кыыл диэхтэрин кыыл буолбатах дьикти күтүрдэр киирэн буолаары турар уларыйыылары, күн-дьыл хаамыытын – барытын кэпсэтэллэр эбит. Онно дьон, баалларын биллэрбэккэ, иһийэн олордохторуна, дьылҕаларын билэллэрэ.

      Иккис таҥха көрүҥэр: өбүгэлэрбит түүн оройо ойбон аттыгар халыҥ таҥаһынан бүрүнэн олорон, сүллүүкүттэри кэтииллэрэ. Уу иччилэрэ ойбонтон таҕыстахтарына, кинилэри тула эргийэ сылдьан, төбөҕө сүр ыарыылаахтык охсо-охсо, дьылҕаларын кэпсээн саҕалыыллара. Дьон ону тулуйан олордохторуна эрэ, инникилэрин билэллэрэ.

      Бу көрүҥнэринэн кытаанах санаалаах эрэ дьон таҥхалыыллара. Тоҕо диэтэххэ, өскөтүн таҥхаһыт куттанан хаһыытаатаҕына-ыһыытаатаҕына, сүллүүкүҥҥэ баарын биллэрдэҕинэ, бу киһи дьылҕата уһаабата.

      Аныгы таҥха көрүҥнэрэ

      Буосканан сэрэбиэй

СКАЧАТЬ