Ыйдаҥа түүн. Огдо
Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Ыйдаҥа түүн - Огдо страница 5

Название: Ыйдаҥа түүн

Автор: Огдо

Издательство: Айар

Жанр:

Серия:

isbn: 978-5-7696-6328-4

isbn:

СКАЧАТЬ олоруохтара. Онуоха диэри оҕото балай эмэ улаатыа. Ира дьонун кытта бииргэ олоруо, көмөлөөн оҕотун көрүөхтэрэ… Аҕата көҥүллээтэр эрэ. Үнүр кини: «Аны сайын эбэ, эһэ буолуоххут», – диэн эппитигэр, куолутунан, саҥарбатаҕа. «Төрөө, төрөө, оҕолоно оонньоо, миигинэ да суох олоххутун бэйэҕит оҥостуоххут» диэх курдук көрөн кэбистэ дуу дии санаабыта. Баҕар букатын да оннук диэбэтэҕэ буолуо. Аҕатын ис дьиҥин кыыс хантан билиэй? Ол барыта Сүөдэр кэмчи саҥалааҕыттан сылтаан итинник толкуйга оҕото тиийээхтиир. Онон, уордайбыт да буоллаҕына, онтуката аастаҕына биир дьиэҕэ олоруохтара ини. Аҕа киһи мөҕө-этэ да сылдьыбатар, тугу эмэ сөбүлээбэтэҕинэ тымныы баҕайытык, сүүһүн аннынан көрөн кэбиһэриттэн куттанан, оннооҕор дьүөгэлэрэ кинилэргэ сылдьалларыттан тардынааччылар. Ол да гыннар аҕата барахсан оҕолорун биир хатыылаах тылынан кымньыылаабатах киһи ээ. Оннук майгытын кыыһа кыратыттан билэр буолан таптыыр бөҕө буоллаҕа эбээт.

      – Эмиэ аҕатын хаана киирдэ! Иитэн туһан, хаан хаантан ханна барыай, – диэччи кини ардыгар, кыыһын диэки таайтарыылаах баҕайытык көрө-көрө. Онтон ордугу этээччитэ суох. «Ол аата тугуй?», «Тоҕо?» диэн Ира өскүөрүтүн ыйытааччыта да суох.

      Дьиҥ иһигэр киирдэххэ, бу кинини ииппит аҕата элбэх саҥата суох киһи эрээри, ардыгар итинник тордуохтаан ааһар тыллаах буолааччы. Ийэтин Арыпыананы «кыыскын атаахтатаҕын» диэн сэмэлээччи. Онуоха үөрэнэн хаалбыт буолан, кини кыһаммат буолбута ыраатта. Ол «аҕатын курдук» диэни эмиэ ыйыталаһан билбитэ. Төрөппүт дьоно Сыста Маарга бааллар. Онно олороллор. Туох да үлэһит, сайаҕас бөҕө дьон диэн хайгыыллар. Ира кинилэргэ сылдьыбат буолан букатын билэттээбэт.

      Ийэтэ Арыпыана чугас аймахтара буолан оҕолорун ииттэрэ биэрдэхтэрэ, бэйэтэ эрэ хам-түм кэлэр-барар, бэркэ диэн билсэр, онон бу бачча турбут кыыстан тугу кистиэй, дьонун туһунан кэпсээччи. Оттон төрөппүт аҕата барахсан норуот киһитэ үһү ээ. Киһи да күлэр, омуннаах диэҕи омуна суох эрээри, киһи үөйбэтэх өттүттэн быһаарыныыны ылынарынан дьоҥҥо-сэргэҕэ биллэр эбит.

      Биирдэ ийэлэрэ массыынанан таҥас сууйтара сылдьыбыт. Дьиэҕэ, бары да дьарыктаах буолан, күө-дьаа сээкэйдэрин гына сылдьыбыттар. Аҕалара туох санааҕа түспүтэ буолла, сотору-сотору табахтаан буруота унаарыйар үһү. Ийэлэрэ элбэх баҕайы оҕо таҥаһын сууйтарбытын барытын илиитинэн сайҕаталаан, ыгыталаан, таһырдьа, салгын охсор сиригэр куурдаары, тааһын кыбыммытынан ыйыы тахсыбыт.

      Арай, улахан кыыс көрөн турдаҕына, аҕалара сорунуулаах баҕайытык били таҥас сууйтарар сиргэ тиийбит. Улахан баалынайга, харса суох массыынаны таҥнары тутан, уутун сүөкээбит уонна, умса быраҕаат, ременин сүөрэн ылбыт да, таһырдьаны былдьаспыт.

      Ийэлэрэ таһырдьа таҥаһын ыйыы сылдьан, «хайа, бу оҕонньор ханна итиччэ үлүгэр тиэтэйдэҕэй» диэн, кэнниттэн дьиктиргии эрэ көрөн хаалбыт. Дьиэтигэр төннөн киирбитэ, атын адьарай, массыыната умса сытар, уута баалынайы быччары кутуллубут. Кыыһа бэйэтэ да билбэт үһү, соһуйан хараҕын тиэрэ көрбүт: «Аҕам массыынаттан СКАЧАТЬ