Ыйдаҥа түүн. Огдо
Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Ыйдаҥа түүн - Огдо страница 11

Название: Ыйдаҥа түүн

Автор: Огдо

Издательство: Айар

Жанр:

Серия:

isbn: 978-5-7696-6328-4

isbn:

СКАЧАТЬ күһүҥҥү үчүгэй собонон төлөспүтэ. Куораттан кэлэн «Бууш буута» диэн хойутуу ааттаммыт, куурусса уҥа эрэ атаҕынан толору симиллибит 15-тии киилэлээх, дьааһыктаах бородууксуйаны сыҥалаабыттарыгар, хата толкуйдаах эрэттэр, уруккута оройпуоҕа соҕотуопкаҕа үлэлээбиттэр тус хонтуруолларынан, оройуон киинигэр отоҥҥо атастаспыт сурахтара ыаллары тилийэ көппүтэ.

      Итинник аһыыр-таҥнар кыһалҕа син биир туох эрэ албастарга, толунар туһугар тугу эмэ тобуларга тиэрдэр эбээт. Тэрэпиискэ, таҥас дьыалата атын хартыына этэ. Эр киһи сиэптээх килиэккэ ырбаахытын сыаната ыйыллыбат, ол оннугар бөдөҥ баҕайы буукубаларынан «2 куобахха биэрэбин» диэн эриличчи суруллубут буолар. Кыыстарыгар дьууппа ылаары, тыа сиригэр барытыгар кэриэтэ арылла охсубут «Арбааттартан» биирдэстэригэр сылдьыбыт дьон кэпсиир, аны туохтан да соһуйбаккын, сыанатын оннугар «3 бытыылка мас арыыта», эбэтэр «куул аҥаара хортуоппуй». Булан ыл, онон ким төбөтө хайа диэки салалларынан, төһө сатыырынан, аҥаар кырыытыттан атастаһыы, мэнэйдэһии баар буолан, син мээнэ олохторун дьаһанарга тиийдэхтэрэ.

      Инньэ гынан «хамнастаах» үлэһит Ирина Тэптиргээнэбэ төттөрү-таары кэлэрэ-барара үксээбитэ. Сотору-сотору аттынааҕы тыалары кэрийэн гостуруолларга бараллара, кэнсиэрдэри тэрийэллэрэ. Саҥаттан саҥа ырыа айыллан, сыанаҕа ыллыырга сонун уонна ураты көстүүмнэри айыы-тутуу биһирэнэр кэмнэрэ кэлбиттэрэ. Эдэркээн дьахтар, оннооҕор оҕо сылдьан сатыыра, билигин баҕас түүннэри иистэнэр көҥүлүнэн бэркэ туһаммыта.

      Оҕото ытаатаҕына эбэтэ турар, уопсайынан даҕаны Арыпыана сиэнэ кыыска ылларбыта. «Үкчү бэйэҥ курдук. Чарааһа, холкута, ытаһа суоҕа», – диэн эбэ барахсан бүөбэйдэһэрин быыһыгар кыып-кыра кыыһын таптаан ымманыйар.

      Сырдыктара атын нэһилиэккэ кэргэн баран ыал буолан ыраатта. Онон хам-түм көрсөллөр. Эһэтэ дэтэн биэнсийэҕэ олоруо арыый да илик аҕалара, айаҥҥа сылдьара эмиэ элбээн, сылайара-сылааргыыра да үксээтэ. Ол да буоллар оҕо төрөөбүтүгэр тулалыыр эйгэ уларыйыахтааҕын курдук ылынан, уруккуттан уу нуурал олохтоох Кынтайаараптар, туохха да үҥсэргээбэккэ, кими да мөҕүттүбэккэ, баары баарынан дьаһанан, кыра киһи эрэ күннээҕи кыһалҕатынан сирдэтэн, күө-дьаа, үөрэ-көтө олорбуттара.

      Быыбар буолаары турдаҕына биир үтүө күн кулууптан, аҕыс киһи буолан, дьоҕус биригээдэ тэринэн, тэйиччи нэһилиэккэ кэнсиэрдии барбыттара. Ира бу айаҥҥа салайааччы эппиэтинэстээх. Онон сарсыардаттан төлөпүөнүнэн ханна тиийэн, хайдах тэринэн, хаска кэнсиэрдээн, төһөҕө бүтэн төттөрү хоҥноллоругар тиийэ, өссө биирдэ быһаарсан, эрэх-турах сананан айаннаан иһэллэр. Кини ырыатын байаанынан доҕуһуоллааччылар, үксүгэр даҕаны кыыс үрдүк куолаһын таба сатаан, ситэри оонньообокко, ханнык эрэ түгэҥҥэ булкуллан, тиэрэ-маары нуоталары ылан мэһэй буолааччылар. Онно кини үөрэнэн хаалбыт буолан кыһаллааччыта суох. «Куонкурус буоллаҕай» диэн күлэн кэбиһээччи.

      – Ира-а, ити күппүлүөтү мин хатылыым эрэ, хос ырыатыгар көмөлөһүүй, кэннин СКАЧАТЬ