Кырыыстаах кылаат. Данил Макеев
Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Кырыыстаах кылаат - Данил Макеев страница 7

Название: Кырыыстаах кылаат

Автор: Данил Макеев

Издательство: Айар

Жанр:

Серия:

isbn:

isbn:

СКАЧАТЬ суох, кэлин уҥа атаҕа тостон баран уҥуоҕа таһыгар кылбайа сылдьар гына оспут чахчы кутуйахтар атамааннара буолан биэрбитэ. Арааһа ким эрэ арагаатканан ыппыт быһыылаах. Дорубуонньук эрэ маннык бааһырдыан сөп диэн ити дьыаланы чахчы билэр дьон быһыытынан быһаарбыттара. Биэдэрэни туппутунан бөһүөлэги кэрийэ сылдьан дьоҥҥо көрдөрбүттэригэр сөҕүү бөҕө буолбуттара. Үгүстэр, ордук чараас сүрэхтээх дьахтар аймах: «Эрэйдээҕи даа, ыытан кэбиһиҥ», – дииллэрэ. Ол сүбэни ылынан уотурба, сиэмэ ууруллар маҥхааһайыгар тиийэн ыытан кэбиспиттэрэ. Инбэлиит кутуйах элбэх астаах сиргэ сылдьыахтаах диэн буолбута…

      Киэсэ оҕо эрдэҕинээҕитин санаан уута адьас көтөн хаалла. Сытан эрэ сиэбиттэн табах ылан тарта. Таһырдьа уу чуумпу. Арай ханна эрэ дулҕа быыһыгар чөкчөҥө айманан ылбахтыыр. Ата дөрүн-дөрүн тыбыырбахтыыр. Табаҕын кичэйэн умулларан баран дьэ утуйардыы оҥостон улаҕа хайыһан сытта. Сотору мунна сурдурҕаан утуйан киирэн барда.

      Үрэх элгээнин үрдүгэр

      Күп-күөх халлааҥҥа көбүс-көнө үрүҥ дьурааны субурутан кыырай үрдүгүнэн самолет дыыгынаан ааста. Кэнниттэн миэлинэн суруйбуттуу тунаарар үрүҥ дьураа сыыйа кэтирээтэр-кэтирээн, симэлийдэр-симэлийэн сүтэн иһэр. Күн уотугар сырдык туочука буолан кылабачыйар самолет саҕахха тиийэн сүттэ. Сотору үрүҥ дьураа эмиэ мэлийэн хаалла. Киэсэ хараҕа аны от төбөтүгэр биэтэҥнии олорор кыракый хомурдуоска хатанна. Сырдык от күөҕэ дьүһүннээх. Кырыылаах от умнаһын устун оргууй сыҕарыйан иһэн, киһи сэрэниин-сэрэнэн тутан ылаары гыммытыгар, аллара ыһыктынан кэбистэ да ханна да барбыта биллибэккэ сүтэн хаалла.

      Атын көнтөһүн эрийэ туппут кыракый хахыйаҕа сырдык кугас ат от сиэри моонньун уһата-уһата кэҕиҥнииригэр илигирээн ылбахтыыр. Бүгүн айаҥҥа туруммута уон бэһис күнэ. Ыраас күн буолан Дьааҥы хайалара ырыых-ыраах хаардаах төбөлөрө кылбаһан көстөр буолбуттар. Аны уонтан тахса хонугунан ол хайаларга тиийэрэ буолуо. Онтон тосхолун булан эһэтэ көмүс кистээбит сирин диэки айанныахтаах. Билиҥҥитэ туох да моһоло суох иһэр курдук эрээри улаханнык илиһиннэ. Саатар биир күн өрөөн, сынньана түспүт киһи бэрт буолуо эбит да, туох эрэ биллибэт күүс иннин диэки угуйан иһэр.

      Бу өрө батан иһэр үрэҕин биир бэртээхэй элгээнин үрдүгэр сынньана түһээри тохтообута. Арааһа, манна өрөөн сынньаныыһы. Бэрэмэдэйин түгэҕэр илим баарын өйдөөн, ойон туран атын сыгынньахтаата. Илимин хостоон бэрийбитинэн барда. Сотору тыытын үрдэрэн элгээҥҥэ киирдэ. Илимин үтэн тахсаат, балаакка туруорунан барда. Хонордуу оҥостон баран пластиковай бытыылкаҕа кутта сылдьар сойбут чэйин ыймахтаата. Атын сиэлин анныгар илиитин уган имэрийбэхтээн баран, сойбут дии санаан атаҕар былас кэриҥэ уһуннаах тимир сыабы баайан ыытан кэбистэ. Аныгы дьон адаҕа оннугар итинник сыабы баайар буолбуттара. Илдьэ сылдьарга да үчүгэй, кэтит тирбэҕэнэн баайыллар буолан ат атаҕын да бааһырдыбат. Хайа уонна хайдахтаах да сылгы атаҕар сыап соһуулаах ырааппат, ыыппыт сиргиттэн чугас мэччийэ сылдьар буолар. СКАЧАТЬ