Название: Күннэй кистэлэҥ олоҕо
Автор: Любовь Васильева
Издательство: Айар
isbn: 978-5-7696-6003-0
isbn:
Москваттан кэлбиппит аҕыйах хонук ааспытын кэннэ, аны Күннэйим дьыбааҥҥа кыайан сыппат буолан хаалла. Ким эрэ ылан быраҕаттыыр курдук. Онтон биир күн арай кыыһым турукка киирэн, дьыбаантан икки гына тоһутуллубут иннэни хостоон таһаарда. Дьэ дьикти… кэбиһиилээх оттон иннэни булар тэҥэ. «Маны байҕалга быраҕыахпын наада», – диэтэ. Өйдүүргүт буолуо, былыргы «Kodak» фотопленка хара пластмасса иһиттээх буолааччы, тостубут иннэни ылан онно уктум. Эбэҕэ айаннаан иһэн оҕом массыынаҕа хаста да өйүн сүтэрэн ылла. Тиийиэхтээх сирбитигэр тиийэн баран, били иннэлээх хара иһитин ууга быраҕаары гыммытыгар, арай илиитин ким эрэ кэннигэр эрийэн барда. Көстүбэт күүс мэһэйдэһэ сатыыр курдук. Оҕом барахсан көмөлөһүҥ диэхтиир. Балачча өр көстүбэт күүһү кытта өрө тустан бараммыт, ол иннэлээх иһити нэһиилэ бырахтыбыт. Онтон киэһэ дьиэтигэр тиийэн, дьыбааны эмиэ бырахтарбыта.
Күн бүгүҥҥэ диэри ким дьиэбитигэр кэлэн, туох сыаллаах-соруктаах, тугу санаан дьыбааҥҥа иннэ анньыталаабытын өйүм хоппот. Бука сэрэйдэххэ, үчүгэйи баҕаран буолбатах… Ону быраҕаары оҕом барахсан хайдахтаах курдук эрэйдэммитин, хайдах курдук көстүбэт күүс илиитин эрийбитин илэ харахпынан көрөн, куһаҕан, хара санааттан анньыллыбыт иннэ буоларын тута таайбытым. Манна хара күүстэр кыттыгастаахтара чуолкай…
Кэлин Күннэйим миэхэ маннык диэн быһаарар буолбута: «Мин кутум үөһэ тахсар, ол кэмҥэ мин эппин-сииммин Орто дойдуга муна-тэнэ сылдьар дууһалар туһаналлар. Кинилэр оонньоон ааһаллар. Эһиги төһөнөн куттанаҕыт да, соччонон ити дууһаларга күүс-сэниэ биэрэҕит. Эһиги куттанаргытыттан үөрэллэр, өссө куттуу сатыыллар. Онон ити бириэмэҕэ куттаммат буола сатааҥ». Сороҕор сэрэтэн этэрэ: «Бүгүн мин быдан өр кэмҥэ барабын, онон миигин тутар кыахтаах, куттаммат дьону ыҥыраар. Мэник-тэник, күүстээх дууһалар киирэн ону-маны оҥоруохтарын сөп».
Тууйам киэһэ буолла даҕаны дьиэ иһигэр баар уһуктааҕы барытын кистии охсор идэлэммитэ. Ол саҕана оҕом барахсан 9 эрэ саастааҕа. Биирдэ быһахтары мунньан морозильник анныгар уурбут этэ. Арай Күннэйбит эмискэ куукунаҕа киирэн кэлбитигэр били кистэммит быһахтарбыт морозильник анныттан, магнитынан тардыллыбыт курдук, кылыгырыы-кылыгырыы тахсан кэллилэр. Онно Күннэйбит: «Саатар, кистиир буолан баран, үчүгэйдик кистиэххитин», – диэбитэ уонна күлбүтэ.
Ити кэм саҕана күммүт түүн, түүммүт күнүс буолбута. Мин Туйаарам оскуолатыгар хаста да ыҥырылла сылдьыбытым. Учууталлар: «Оҕоҕут уруокка наар утуйан тахсар, бу тоҕо уутун хаммат?» – диэн сэмэлииллэрэ. Мин тугу да булан эппиэттээбэт этим. Түүн аайы Туйаара туалекка хонор диэбэт буоллаҕым. Аны туран, дьиэҕэ үлэтин ааҕар усулуобуйата да суоҕа. Кыыһым үөрэҕэ ол курдук мөлтөөн, кылааспытыттан хаалар кутталлана сылдьыбыппыт. Киэһэ 11 чаас СКАЧАТЬ