Название: Сэһэн, кэпсээннэр
Автор: Тимофей Сметанин
Издательство: Бичик
Серия: Саха суруйааччылара – оҕолорго
isbn: 978-5-7696-4354-5
isbn:
Өстөөхтөн былдьаммыт орудиелар тастарыгар Гурьянов уонна Чээрин тураллар. Маннык сууххай кыайыы айааччылара кинилэр эбээт. Икки «Тигр» танкалар икки ардыларыгар кэпсэтэ турдахтарына лейтенант Иванов кэллэ.
– Дьэ ити кэлэн кини туох диэх этэй?
– Өрүөллэр үчүгэйдик сэриилэстигит диэм этэ, – диэтэ лейтенант биһиги кэпсээммит бүтүүтүгэр, – өскөтө кырдьык сэриилэспит буоллаххытына.
– Бай, хайдах?.. Буомбалар биһиэннэрэ.
– Ити дьикти буомбалар тустарынан эһиги бэйэҕит фантазияҕыт идеята үчүгэй, ол эрээри олоххо киириитэ саарбах, – диэтэ лейтенант, – тугу эмэни саҥа айан таһаарарга, дьиҥнээх конструктор буоларга улахан үөрэх, элбэҕи билии наада. Эһиги үөрэнэргитин бу сэрии мэһэйдээтэ, сэрииттэн тыыннаах хааллаххытына үөрэниҥ, үрдүк билиини ситиһиҥ, оччоҕо, баҕар, кырдьык, араас саҥаны айар дьон буолуоххут.
– Итинник дьикти да буомбалара суох, хайдах курдук көҥү көтөн киирэрбитин немецтэр бэйэлэрин тириилэригэр билиэхтэрэ. Өтөр тыас-уус буолаары турар, – диэтэ лейтенант.
Кэнники күннэргэ өстөөх күн көтө-көтө, сороҕор киэһэ аайы биһиэхэ анаан радионан биэрэр.
Бу киэһэ эмиэ «биһиэхэ кэлиҥ!» диэн радионан ыҥырдылар.
– Тиийиэхпит, тиийиэхпит, – дии-дии саллааттар күлсэллэр уонна эмиэ «Уппаан Уппаанабыһы» ахтыһыы буолар. Ити биир киэһэ немецтэр: «Биһиэхэ көҥүл өттүнэн кэлбит нуучча саллаата Иванов тыл этэр», – диэн биллэрбиттэрэ. Биһиги иһиллээн сыппыппыт. Сотору буолаат бып-бычыгырас, бап-бачыгырас куоластаах киһи: «пин Уппаныап Уппаан Уппаанабыс тыл этээрийбин…» – диэн саҕалаабыта. Ханнык да нуучча саллаата буолбакка, куһаҕаннык нууччалыы билэр немец кубулунан этэрин истээт, бука бары күлсэн ньиргиппиппит.
Бу киэһэ саллааттар сирэйдэрэ-харахтара турбута, сүргэлэрэ көтөҕүллүбүтэ сүрдээх.
Сарсын кимэн киирии буолар. Өстөөҕү үлтү охсон, өрүс уҥуор быраҕар сорук турар.
– Туруоруллубут соруктары өйдөөтүгүт дуо? – диэн лейтенант биһигиттэн ыйытар, хараҥаҕа харахтара чаҕылыһан көстөр, саллааттарын эргиччи көрүтэлиир, – эрэттэр, снайпер чиэстээх аатын түһэн биэримэҥ!
Гурьяновтыын түүҥҥү хараҥаҕа инники кирбиини туораан, биһиги икки өстөөх икки ардынааҕы иччитэх сиргэ, сарсын сытан охсуһуохтаах окуопабытын бэлэмнии истибит.
… Окуопаларбытын хаһан бүтэрэн баран олордохпутуна, Гурьянов миэхэ имнэнэн баран хаптас гынна, мин эмиэ хаптайдым. Өстөөх диэкиттэн үс хара күлүк хаҥас өттүбүтүнэн хаама-үөмэ былаастаан биһиги дьоммут диэки ааһан эрэллэр.
– Биһигиттэн «тыл» ыла иһэр немецтэр, – диэн Гурьянов сибис гынна.
– Хайыыбыт?
СКАЧАТЬ