Название: Олох оҕо оонньуута буолбатах
Автор: Татьяна Находкина
Издательство: Бичик
isbn: 978-5-7696-3896-1
isbn:
Ийэтэ соһуйбуттуу, эмиэ да хомойбуттуу көрөн турара бу баарга дылы. Төрөппүттэрэ каникул бүтүөр диэри киниттэн тугу эмэ быһаарыа диэн быһа-хоту саҥарбакка, кэтэһэн көрөөхтөөбүттэрэ быһыылааҕа да, кыыстара дьонугар эппиэт биэрбэккэ кэлбитэ. Билигин истэригэр тутан төһө эрэ санаарҕаан эрэллэрэ буолуой? Онтон убайдара обургулар сири-сибиири барытын сиксийэн, хайыы-үйэ барытын истэн-билэн эрдэхтэрэ буолуо. «Бу күннэргэ төһө кыалларынан ити киһилиин быһаарыстахха табыллар. Эр оҥостон олордум да, сокуоннайынан холбоһон, иитэн-үөрэтэн киһи оҥорорбор тиийэбин. Хайдах эмэ гынан, тылга киллэрэн, дойдубар илдьибит киһи, убайдарым киһи-хара оҥорон көрүө этилэр. Саатар үлэҕэ ылыахтара. Билигин да сааскы каникул ыраах, киһитин тылыгар киллэрэн көрүө. Онтон барсыбатаҕына, дьыалата хаахтыйар. Дьон туох диэй? Кылааска үөрэнээччилэригэр хайа сирэйинэн киирэн иитэр-үөрэтэр үлэни ыытар. Кырдьаҕас төрөппүттэрэ төһө эрэ хомойоллор. Оттон убайдара ити киһини ир суолун ирдээн, хайаан да булан, аахсан тэйиэхтэрэ. Ол баар – саамай куттала. Дьон тылын-өһүн истибэтэх аньыыбар кэр-дьэбэр киһилиин олорон, олохпун бэйэм алдьатан эрэбин дуо? Айыыналыын сүбэлэспит киһи. Айыына ити тиэмэҕэ кэпсэтиэн олох баҕарбат. «Бэйэҥ илэ өйгүнэн оҥорбут дьыалаҥ, ким да күһэйбэтэҕэ. Киһи этэрин истибэтэҕиҥ» диэн тыллаах».
Нарыйа уһуну-киэҥи эргитэ саныырын быыһыгар сып-сап хомунан, дьиэттэн тахсан барда. Хара нуорка соно тэлээрэн, үрдүк хобулуктаах сапожкатыгар дугунан хааман чочоһуйда. Алын сүһүөх кылаас оҕолоро икки өттүттэн «дорообо», «дыраастый» түһэрэ-түһэрэ сырсан туораахтаһан ситэн ааһаллар. Бу оскуолаҕа быйыл күһүн үлэлии кэлбитэ. Дьиҥинэн, үлэлиир оскуолатыгар сүрдээҕин табыллыбыта эрээри, кэлээт сыыстарбыта. Сап-саһархайынан унаарыччы көрбүт уһун курбуу көнө уҥуохтаах кыыһы дэриэбинэ уолаттара сөбүлүү көрбүттэрэ, хас хардыытын кэтээбиттэрэ-манаабыттара. Кэтиир-маныыр уолаттартан ити киһиэхэ хараҕа хатаммыта, уһун, көбүс-көнөтүк туттубут дараҕар сарыннаах ис киирбэх уол сүрэҕин иһинэн киирбитэ. «Студенныы сылдьан кэргэн тахсыбатым, онон түргэтиэххэ, саас да ыраатан эрэр» диэн санааттан эбитэ дуу, уһуну-киэҥи саныы барбакка, уол оҕууругар киирбитэ. Кыргыттара сөбүлээбэттэрин биллэрбиттэрин үрдүнэн, уоллуун мээнэ «табаарыстаспыт» эрэ аатырбыта. «Үөрэҕэ суох, төрөппүттэрэ иһэр-аһыыр дьон» дииллэрин истибэтэҕэ. «Таптаатым – тайахтаахха тахсыам, сөбүлээтим – сүгэһэрдээххэ сүктүөм» диэн тылламмыта. Сүрдээх ыраастык-чэбэрдик туттубут, маанытык таҥныбыт, аҕыйах саҥалаах Григорий кини сүрэҕин иһинэн киирбитэ. Ким да тылын истиэн баҕарбатаҕа.
Айыына, уопсайга бииргэ олорор кыыһа, алтынньы ыйга улуус киинигэр нуучча тылын уонна литературатын учууталларыгар аналлаах икки күннээх семинарга барбытын туһанан уол олох арахсыбатаҕа. Түүнү быһа буолары-буолбаты кэпсэтэ сатыы олорбуттара. Кэлин тиһэҕэр уол хоно хаалбыта. Айыыната саҥата суох истэн эрэ кэбиспитэ. Уол хас күн ахсын арахсыбакка кэлэриттэн мэһэйдэтэн, биир күн таҥаһын-сабын, кинигэлэрин хомунан, үс буолан бэйэлэрэ да кыараҕастык олорор эдэр специалист кыргыттарга көспүтэ.
Онон Григорийдыын ыал аатын ылан олорбуттара син түөрт ыйа буолла да, киһитэ дьонугар илдьэн билиһиннэрэ илик. «Ол мин дьоммунуун билсэр туох наадалааҕый, төһө уһуннук чэчирээн олох олороору», – диэн аанньа ахтыбатахтыы этэр. «Оччоҕо тоҕо бииргэ олоробутуй?» – диэтэҕинэ, ыгдах гынан кэбиһэр. Киэһэтин куруутун арыгы, пиибэ сыттаах кэлэр. Саамай кыһыйара-абарара: эргэ баҕайы тирии куурканы, нэк буолбут СКАЧАТЬ