Кырыыстаах таас. Тумарча
Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Кырыыстаах таас - Тумарча страница 21

Название: Кырыыстаах таас

Автор: Тумарча

Издательство: Бичик

Жанр:

Серия:

isbn: 978-5-7696-2733-0

isbn:

СКАЧАТЬ турар үүт бүтэй олбуордаах туруорбах балаҕаҥҥа киирдилэр. Ааны аһалларын кытта муннуларыгар буспут балык сыта билиннэ. Көмүлүөк оһох иннигэр улахан үскэл көрүҥнээх, кыырыктыйбыт баттахтаах оҕонньор олоппос өйөнөрүгэр сыҥаах баттанан аргынньахтаан олорор. Оһох чанчыгар, сирэйигэр көрүөхтэн ынырык, чэрдийбит баастаах хатыҥыр киһи сыпсынан чох ытыттаран ылан хамсатын уматта турар. Кэтэҕэриин ороҥҥо сэргэх сэбэрэлээх эдэрчи киһи кэтэх тардыстан тиэрэ түһэн сытан, дьон киирбиттэригэр соһуйбут курдук тура эккирээтэ. Миитэрэйи билэн мичээрдээбитинэн утары кэллэ. Оҕонньор эмиэ олоппоһугар хонос гына түстэ. Хаҥас диэки, соҕуруокка кэннигэр, оҕолор тугу эрэ былдьаһан айдаарсаллар. Ону ханна баара көстүбэт дьахтар саҥата буойталыыр. Холумтаҥҥа улахан төгүрүк лэппиэскэ тимиргэ ыраахтан хатарылла турар.

      Дьиэлээхтэр киирбит дьону кытта сахалыы сиэринэн иҥнигэһэ суох хардарыта тыл бырахсан кэпсэтэн-ипсэтэн, сонуннарын үллэстибитинэн бардылар. Ыалдьыттар сыгынньахтанан бу ыалга хонордуу оҥоһуннулар. Бориска кэпсээнин дьиэлээхтэр сонургуу иһиттилэр. Бодойбо курдук ыраах сиртэн кыһыл көмүс көрдүү кэлбиттэрин олус сөхтүлэр, сэҥээрдилэр. Бухатыырдыы көрүҥнээх дабдыгыраабыт оҕонньору саҥа ыалдьыт ордук астына көрдө.

      – Мин эдэрбэр киэҥ сиринэн тэлэһийэн сылдьыбыт киһибин. Бэйэбин кыанар, сырыыны-айаны тулуйар эрдэхпинэ Кылааннаах Ньукулайынан аатырарым. Билигин оҕонньор буолан бүдүгүрэн олордоҕум. Сүөһү үүрэн, таһаҕас түһэрсэ хаста даҕаны Маачаҕа тиийэн төннүбүтүм. Бүлүү куоратыгар тиийэ сылдьыбытым. Кэнники бу Макаардыын куорат атыыһыттарыгар ындыыһытынан Охуоскайынан, өймөкөөнүнэн, Кулуманан сылдьыталаабыппыт. Уруккута Дьокуускай олохтоохторо этибит. Кэлин тиһэҕэр бу дойдуга тэбиллэн, манна олохсуйбуппут уонтан тахса сыл буолла, – оҕонньор нүксүччү туттан туран, атах ороҥҥо утуйар таҥаһын анныгар тугу эрэ хаһыста.

      Холтуунун булан аҕалан олоппоһугар төттөрү олордо. Холумтан таһыгар иттэ турар Борискаттан төбө быһаҕаһынан үрдүк, быдан халыҥ, модороон көрүҥнээх эбит. Ыалдьыт оҕонньору салла көрдө. «Сахаларга даҕаны күүстээх, бөдөҥ дьоннор аҕыйаҕа суохтар быһыылаах» дии санаата.

      Кылааннаах билигин даҕаны киэбин-таһаатын сүтэрэ илик көрүҥнээх. Сааһа аҕыс уон иккитэ үһү. Иккиһэ даҕаны киһи астына көрөр көрүҥнээх, сайаҕас, дьэллэм тыллаах-өстөөх, көрсүө көрүҥнээх киһи үксүн наар сэҥээрэр, дьонун тэптэрэн кэпсэтиннэрэ олордо. Бу биэс уончалаах, эмиэ сырыыны-айаны элбэҕи көрсүбүт Мүөттээх Макаар диэн киһи эбит. Уонча сыл устата Кылааннаахтыын бииргэ Халыма, Өймөкөөн аартыктарын тэлбиттэрэ.

      Улахан остуолу тула олорон буспут кэтэ балыгы сиэтилэр. Бориска миискэни толору тууһаммыт искэхтэн сөбүлээн сиэмэхтэстэ. Остуол баһыгар олорор, сирэйин бүүрэ тардан килэриччи оспут баастаах киһи аһыырытар айаҕын аанньа атыппат быһыылаах. Балыгы илдьи тыытан кыралаан миинигэр булкуйан хамыйаҕынан сиир. Хоноһолор харахтара киниэхэ хатанарын көрөн, Макаар СКАЧАТЬ