Таайыллыбат дьикти күүс. Огдо
Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Таайыллыбат дьикти күүс - Огдо страница

Название: Таайыллыбат дьикти күүс

Автор: Огдо

Издательство: Айар

Жанр:

Серия: Кістμбэт эйгэ кистэлэІэ

isbn: 978-5-7696-6357-4

isbn:

СКАЧАТЬ н! Уруккулуун силбэһэр ураты уйулҕалаах дьон биһиги ортобутугар бааллар. Ол эмиэ айылҕабыт дьикти айыыта, кини күүһэ, кистэлэҥэ, этэргэ дылы, күн сиригэр биһиги эрэ баар буолбатахпыт. Бааллар айдарыылаахтар, баар чараас эйгэ, баар иккис олох, баар анараа дойду. Бу хааман иһэр Араҥаччы эмиэ оннук ураты киһи. Аатын курдук кини араҥаччылыыр, арчылыыр, дьоҥҥо көмөлөһөр үөһэттэн үрдүк аналлаах. Билигин дьиэтигэр баран, сэдэх хаартытын ылыа, ол хаартыта, дьэ, барытын кэпсиэ… Киниэхэ эрэ: кини эрэ билэр анараа дойду аанын. Бу Араҥаччы соро дуу, дьоло дуу? Бастаан эрэйдэнэрэ, араас тыаһы истэрэ, онтон көрөр буолан барбыта. Кийииттээн тиийбит сиригэр аан бастаан өлбүт киһи сылдьарын көрбүтэ. Онтон ыла өлбүттэр быыстарыгар сылдьар, тэҥҥэ кэпсэтэр буолбута… Бу олоххо иккис олох эйгэтэ тэбис-тэҥҥэ баарын билбитэ. Бастаан куттанар этэ, араас тыастан, саҥаттан дьаарханар, этэ тардар этэ.

      Дьон… Өлбүт дьон, тыыннаах дьон – олор ортолоругар олоро үөрэммитэ. Билигин ол бастакы саҕалааһыныттан бириэмэ бөҕө ааста. Билигин сааһыланан, бэрээдэктэнэн, өлбүт дьоннуун атын эйгэҕэ кэккэлэһэ сылдьан кэпсэтэр, быһаарсар буолла. Сылын аайы күүһүрэн иһэрин билэннэр, билбэт күүстэрэ көмөлөһөр буолбуттара. Суор буоларын билбитэ: үөһээнэн сундулуччу көтөр, уу анныгар төһө баҕарар устан киирэн, ууга түспүт дьоннуун кэпсэтэр буолбута.

      Билигин бу хаартытын иннигэр ууран, илэ көрсөн, бокуонньуктуун кэпсэтэр кэм кэллэ:

      – Тоҕо сытаҕын итиннэ?

      – Манна чуумпу, уоскулаҥ ээ…

      – Дьонуҥ көрдөөн эрэй бөҕөтүн көрдүлэр дии.

      – Билигин тымныы. Үлэтэ бэрт… Саас, сир-халлаан ириитэ, тахсыам. Ийэбэр этээр, ыам ыйын 20–25 күннэригэр күөлү манаатын: тахсыам бэйэм. Инньэ диэн ийэбэр тиэрдээр, билигин көрдөөбөтүннэр, – уол элбэҕи кэпсээтэ, дьонун, олоҕун туһунан.

      – Сөп, саас ити күннэргэ ийэҥ күүтүө, илдьиккин барытын этиэҕим, – хаарты кэпсээн бүттэ. Чараас эйгэни Араҥаччы оргууй сапта.

      Аны саамай ыарахана хаалла – уол ийэтигэр тиэрдии. Ийэ барахсан, сүрэҕэ толугуруу мөхсөн, бу кыра дьахтарга итэҕэйдэ: уол ийэтин илиитигэр туттарылынна.

      Араҥаччы аны билэр – ким киниэхэ итэҕэйэрин, ким итэҕэйбэтин. Билигин көрбүөччүлэр элбэхтэр, араастаан көрөллөр: ким илиитинэн, ким чүмэчинэн, ким хаартысканан, ким уруһуйунан. Оттон Араҥаччы киэнэ – хаарты. Эбэтиттэн алгыстаммыт, эбэтин сырдык тыына, сылаас тарбаҕын имэ иҥмит хаартыта… Араҥаччы диэн ааты, дьиҥинэн, эбэтэ биэрбитэ: сахалыы дьоҥҥун-сэргэҕин араҥаччылыы сырыт диэтэҕэ. Оттон кинини бары Анжеланан билэллэр: Анжелика, Анжела, Анджела, Араҥаччы. Баҕар кэлин, ситтэхпинэ-хоттохпуна, эбэм арчылаабыт алгыстаах аатын ылыныам дии саныыр.

      Бүгүн эмиэ өлбүт киһилиин киирэн кэпсэттэ: олоҕун, туохтан эрэйдэммитин, хайдах маннык буолбутун – барытын кэпсээтэ. Бары араас оҥоһуулаахтар: санаммыттар да бааллар, алҕас да өлөөхтөөбүттэр, дьон да сэймэктээн өлөртөөбүт дьоно бааллар. Ыарахан, ыарахан… Ол гынан баран, кини тыыннаах дьоҥҥо көмөлөһөр үрдүк аналлааҕын билэр.

      Саханы саха дэтээри уйгулаах хонноҕор олохсуппут Өлүөнэ эбэбит хара уутун күүстээх дохсун долгуннара тугу кистээн сытыаралларын ким билиэй, ким да билбэт курдук. Ол гынан баран, ону билэр киһи баар! Долгуҥҥа оҕустаран, манна икки кырачаан кыыс ийэлэрин кытта ууга былдьаммыттара. Ийэлэрин быыһаабыттара. Биир кыыс өлүгүн тута булбуттара, иккис кыысчаан ууга тааһы бырахпыттыы сүппүтэ… Анжеланы олох кэлин көрдөспүттэрэ. Сир үрдүгэр иччи сүрдээх элбэх, ону таһынан муммуттар, анараа дойдуга сатаан барбатахтар, сатаан хараллыбатахтар – муҥнаммыт дууһалар элбэхтэр. Ону Анжела барыларын көрөр, кинилэр быыстарыгар сылдьар, өлбүт дьоннуун кэпсэтэр, кининэн илдьит да ыыталлар, баҕаларын да этэллэр. Бу – кини анала-чааһа, өбүгэлэрин кытта ситимэ, хаартытын суола. Өлүөнэ биэрэгэр тиийээт, кэлбитин биллэрэн, бэйэтин сиэрин-туомун ыытта. Хайа үрдүн көрбүтэ: сир-дойду иччилэрэ сүүрэкэлии аҕай сылдьаллар, кинини сэҥээрэллэр, аллара диэки өҥөҥнүүллэр. Улуу Өлүөнэ өрүс уута күүстээх, уута дириҥ.

      – Леночка, мин эйиэхэ кэллим… Бааргын дуу, ырааппытыҥ дуу?

      – Баарбын, чугас баарбын ээ, ону булбаттар дии… – диэтэ оҕо синньигэс куолаһа.

      Анжела уоскуйда: сибээскэ таҕыстылар да, булар.

      – Сотору эйиэхэ киириэм, куттаныма, кэпсэтиэхпит, ханна бааргын кэпсээр дии.

      – Чугаспын ээ, үлтү хаһаннар, тэпсэннэр, кумаҕынан бүрүллэн хааллым.

      – Куттаныма, мин сотору эйиэхэ киириэм.

      Анжела хаарты уурар чуумпу сири көрдөөтө. Киһи бөҕө: аймахтар, МЧС-тар, водолазтар… Хаартылара тугу эрэ кэпсии охсоору дэлби сылыйан, ыстаҥалаһан бардылар. Оҕо дууһата чараас, ыраас, намчы, бэйэтэ аанньал буоллаҕа. Анжела ууну солоон, икки гына хайытан, түгэх киирдэ. Кыысчаан соторутааҕыта илиитин тоһуппут эбит, ол гиипсэтиттэн иҥнэн хаалаахтаабыт, бэрт кыраттан иҥнибит…

      Кыысчаан наһаа элбэх киһи мустубутуттан, айманарыттан эрэйдэммитин кэпсиир:

      – Хас да СКАЧАТЬ