– Татыйык… мин эйиэхэ этэрдээхпин. Бука баһаалыста болҕой, иһит диэн көрдөһөбүн, – уол уларыйан хаалбыт куолаһынан иччилээхтик сибигинэйбититтэн кыыс эмискэ дьиксинэ быһыытыйда.
– Мин… мин эйигин… миэхэ кэргэн кэл диэри гынабын, – диэтэ.
Татыйык мух-мах барда, сатаан өйдүү охсубата:
– Т-тоҕо? – эрэ диэтэ.
– Хайдах «тоҕо»? Оттон дьон курдук… ыал буолбаппыт дуо?
– Саманнык… түргэнник дуо? Сибилигин дуо? – кыыс хайдах эрэ ситэ өйдөөбөтөҕөр оҕустаран буккуллан ылла.
– Э-э, оттон… сибилигин, субу манна, мин эйигин сөбүлүүрүм бэрт ээ… Куоракка бардаргын миигин умнуоҥ…
– Суох-суох, Кириил! Ама, хайаан умнуомуй?!
Кимэн киирэрдии оҥостон, уол бэрт дьиктитик туттан киниэхэ чугаһаары гыммытыгар ыксаан, Татыйык тыл ыһыгынна.
– Оччоҕо… эн эмиэ миигин сөбүлүүр буоллаҕыҥ?
– Э-э… ыһы… оттон… оттон абааһы көрбөппүн ээ!
Эмиэ да ыксаатар даҕаны, хаадьылыыр курдук этээри гыммыта атын баҕайытык тахсыбытыттан кыыс бэйэтэ соһуйда.
– Оччоҕо… туох мөккүөр баарый? Мин эйигин сөбүлүүбүн, эн эмиэ сирбэккин… оччотугар ыал буолуохпутун сөп… ыал буолар буоллахпытына… тапталбытын дакаастыырбыт тоҕо буруй буолуой? – уол эмиэ киниэхэ чугаһаата, ыараабыт илиитин кыыс санныгар уурда.
Татыйык атыҥыраата, сүрэҕэ туох эрэ суостааҕы сэрэйдэ, сиэрэ суох тахсыаҕыттан куоттараары, араастаан мөҕүл-мөҕүл тэбиэлээн, таайтара сатаата.
– Суох-суох! Кириил, хайдах буоллуҥ?! Туох дакаастабыла нааданый?! Тугу-тугу диигиний?!
– Ээ, эйигин таптыыбын диэтим буолбаат? Таптыыр кыыспын ууруурум, кууһарым буруй үһүө?! – диэт, уол бокуойа суох Татыйыгы хам кууһан ылла, ыарыылаах баҕайытык биилиттэн тутта да, уолуйбут кыыс уостарыгар утаппыттыы түстэ…
Мучумаан буолла, Татыйык кутталыттан уонна маннык түргэнник уларыйан хаалбыт табаарыс уола киниттэн тугу эрэйэрин дьэ өйдөөн, титирэстэс буолуор диэри ыгылыйда, араастаан төлө көтө сатаата да, ытарчалыы ылбыт илиилэр кинини ыыппатылар…
– Кириил! Мин хаһыытыам билигин! Күн сарсын үҥсүөм! Кыбыстыам суоҕа, атаҕастаата диэн олохтоох араадьыйанан кытта биллэриэм! – ыксаабыт кыыс дьүүллээн-дьаабылаан тугу диирин өйдөөбөтөр да, туох баарынан, тугу сатыырынан көмүскэнэ сатаата.
Олохтоох араадьыйа диэн бу эргин суостаах соҕус өйдөбүл. Араадьыйа Арамаана диэн аҥаар атаҕынан доҕолоҥ киһи, оннооҕор ол-бу хобу-сиби тиһэн, туһааннаахтары бэртээхэйдик кымньыылыыр биэриилэри таһаартыыра. Сүрэҕэлдьээбиттэри, арыгылаабыттары элэктээн, оннооҕор үөхсэр саҥаларын кытта (хантан хайдах устан ылара СКАЧАТЬ