Саха сирин историятын сорох мөккүөрдээх боппуруостара. Николай Николаев
Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Саха сирин историятын сорох мөккүөрдээх боппуруостара - Николай Николаев страница 6

СКАЧАТЬ «Октябрь в Якутии. Часть первая. Якутия накануне и в период Февральской революции» (Якутск: Кн.изд-во, 1979. – С. 280) кинигэҕэ эмиэ аҕалар. Кини бигэргэтэринэн, 1911 с. Саха сиригэр баар 108 «собуокка» (профессор «кустарные предприятия» диир – Н.Н.) барыта 140 оробуочай үлэлээбит. Бу тэрилтэлэртэн Дьокуускай уокуругар 55 «собуот» (барыта 64 үлэһиттээх этэ), Бүлүү уокуругар – 24 «собуот» (32 үлэһит баара), Өлүөхүмэ уокуругар 29 «собуот» (44 үлэһиттээх) баара. Маны таһынан Дьокуускай куоракка 211 ремесленник, кинилэр мастарыскыайдарыгар көмөлөһөөччүнэн уонна оробуочайынан 112 киһи сылдьыбыт (атын уокуруктар уонна куораттар тустарынан сибидиэнньэ суох). 1914 с. Дьокуускайга электростанция тутуллан үлэҕэ киирбитэ, куораты уонна Марха сэлиэнньэтин уотунан хааччыйбыт (1920 с. 30 үлэһиттээх этэ, атын дааннай суох). Эмиэ 1914 с. куоракка тимир оҥоһуктары оҥорор уонна тыа хаһаайыстыбатыгар үлэлиир массыыналары уонна тиэхиньикэни өрөмүөннүүр мастарыскыай аһыллыбыта (1921 с. манна 32 киһи үлэлээбитэ эрэ биллэр).

      Сиртэн хостонор баайы туһаныы

      ХХ үйэ саҥатыгар Саха сиригэр сиргэ үөскээбит баайы хостооһун уонна бэрт кыратык ону таҥастааһын үөскүү уонна тэнийэ сылдьыбыта. 1915 с. Дьааҥы хайатыттан сүүрүгүрэр Эндыбал үрэххэ (р. Эндыбал) сибиниэстээх руданы хостооһун саҕаламмыта. 1916 с. руда хостонор сириттэн 330 км тэйиччи, Алдан өрүс төрдүгэр руданы уулларар уонна сибиниэһи арааран ылар 2 улахан оһохтоох собуот тутуллубута. Руданы сайын уонна күһүн хостоон мунньаллара уонна сир тоҥон, сыарҕа суола аһылыннаҕына Эндыбал үрэхтэн Алдан төрдүгэр диэри атынан таһаллара. 1917 с. руданы хостооһуҥҥа 30 киһи, собуокка бэйэтигэр 12 киһи үлэлээбитэ. Оробуочайдар ортолоругар бэдэрээт түһэрсэн үлэлиир Нам уонна Дүпсүн улуустарыттан сахалар бааллара. 1916 сыл кулун тутар – муус устар ыйдарыгар рудниктан Алдан төрдүгэр баар собуокка 1040 буут руданы аҕалан, уһааран 300 буут сибиниэһи ылбыттара. 1916 сыл күһүнүттэн 1917 с. сайыныгар диэри 10200 буут руданы аҕалан собуокка уһааран, барыта 4000 буут (1 буут – 16 кг) сибиниэһи ылбыттара.

      1917 с. күһүн собуоту Алдан төрдүттэн Эндыбал үрэх төрдүгэр көһөрбүттэрэ. 1917–1921 сс. соҕурууттан Саха сиригэр табаар кэлиитэ букатын мөлтөөбүт кэмигэр бу собуот сибиниэһи уонна доруобунньугу оҥорон, олохтоох булчуттары хааччыйан абыраабыта. 1916–1921 сс. Эндыбаллааҕы собуот барыта 9043 буут сибиниэһи уонна доруобунньугу судаарыстыба хааһынатыгар туттарбыта.

      Собуот хаһаайына сүрдээх бэриниилээх үлэһит, общественнай диэйэтэл, урбаанньыт талааннаах Алексей Алексеевич Семенов (1882–1939) этэ. Кэлин кини Саха АССР үбүн бастакы наркомунан, Госпланын бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбитэ, ЯЦИК чилиэнэ буолбута. А.А. Семенов руднига уонна собуот сиртэн хостонор баайы байытар-уулларар, сөҥөрдөр, ыраастыыр уонна ыраас сырьену, табаары оҥорон таһаарар соҕотох дьиҥнээх промышленнай тэрилтэ этэ. Атын маннык тэрилтэ Саха сиригэр суоҕа.

      Сиртэн хостонор атын баайы хостооһуҥҥа, ол кэнниттэн сырьену байытан (обогащение), таҥастаан (переработка) бородууксуйаны хааһынаҕа туттарар мантан ураты СКАЧАТЬ