Саха сирин историятын сорох мөккүөрдээх боппуруостара. Николай Николаев
Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Саха сирин историятын сорох мөккүөрдээх боппуруостара - Николай Николаев страница 12

СКАЧАТЬ полностью искоренить остатки буржуазного национализма… В сентябре 1952 г. на XVIII областной партконференции Емельянов Н.С. (единомышленник Гоголева. – Н.Н.) заявил, что борьба с врагами народа, буржуазными националистами, в Якутии прошла четыре этапа и что последний этап борьбы с башаринцами длится более десяти лет, с 1942 по 1952 г., и требовал прямой расправы с последними…» (В.В. Скрябин-Идэлги. Иван Романов. – Дьокуускай: Бичик, 2004. – С. 179–180). По утверждению Гоголева, борьба с буржуазным национализмом в Якутии прошла в три этапа: первый этап – в 1929 г. ЦК партии разгромил буржуазно-националистическую линию тогдашнего руководства обкома партии; второй этап – в 1936–1938 гг. была разгромлена целая группа врагов народа. Третий этап наступил в 1952 г., когда снова подняли голову башаринцы…» (эмиэ итиннэ, С.180). Онон, З.В. Гоголев 1952–1962 сс. Саха сиригэр буржуазнай национализмы саралааһыҥҥа актыыбынайдык кыттыбыта, националистары утары охсуһууга «теоретическай» уонна политическай бырагыраамалары оҥорсубута, элбэх киһини эккирэтиигэ көмөлөспүтэ.

      Саха сиригэр ол сыллартан ыла буржуазнай национализм тиэмэтэ үөрэтиллэн, сыаналанан түмүктэммит, бүппүт курдук этэ. Уопсастыбаҕа сынньаныы, уоскуйуу буолбута. Ону баара Г.П. Башарины холуннарар эрэ сыаллаах Дьааҥыттан төрүттээх Лазарь Михайлович Рожин партия обкомун бюротун 6.02.1952 с. уурааҕын түөрэ эргитэн, ааҕааччылары албынныыр суруйуута тахсан, дьыала ис дьиҥин билбэт дьоҥҥо, сөҕүүнү-махтайыыны ылла (Л.Рожин. Эккирэтии сиэртибэтэ буолбута. – Туймаада. – 2020. – 6 апреля. – С.7). Лазарь Рожин суруйар: «Захар Гоголев историческай наукаҕа туспа көрүүлээҕин иһин кинини Г.П. Башариннаах сиргэ-буорга тэпсибиттэрэ. 1952 с. олунньу 6 күнүгэр партия анал уурааҕа тахсарыгар «буруй эрэ Моттойоҕо» диэбиккэ дылы, башаринецтар сыыр намыһахтыы кини үрдүнэн барбыттара». Бу тугуй?! Лазарь Рожин бу этиитэ барыта сымыйа, ахтыллар докумуону 180є төттөрү эргиппит, ааҕааччылары албыннаабыт.

      Бу уураах кэнниттэн З.В. Гоголев сиргэ-буорга тэпсиллибэтэҕэ: 1952–1963 сс. ТЛИНЧИ дириэктэринэн, 1963–1974 сс. Новосибирскайга институт секторын сэбиэдиссэйинэн, «История Сибири» диэн 5 туомнаах академическай үлэ кылаабынай эрэдээктэрин солбуйааччынан үлэлээбитэ. Бу үрдүк дуоһунастарга үлэлээһини хайдах «сиргэ-буорга тэпсиллии» диэххэ сөбүй? Бу уураахха З.В. Гоголев мөҕүллүбэтэҕэ, буруйдаах Моттойо буолбатаҕа. Уураахха националист суруйааччылары көмүскээбит Г.П. Башарин уонна кини буортулаах үлэтин кыайан саралаабатах дьоннор буруйдаммыттара. Бу уураах кэнниттэн партийнай сэмэлэри ылан туран, үлэлэриттэн маннык дьоннор үүрүллүбүттэрэ: Илья Егорович Винокуров, Иван Михайлович Романов, Петр Матвеевич Корнилов, Семен Петрович Данилов (суруйааччы), Степан Федотович Попов, Иван Иннокентьевич Михайлов, Павел Иванович Корякин. Кинигэ эрэдээктэрдэрэ Авксентий Егорович Мординов уонна Иннокентий Васильевич Пухов улаханнык сэмэлэммиттэрэ. Рожин өттүттэн дьэ кытаанах бассыыбайдааһын буолбатах дуо?!

      1917 сыл СКАЧАТЬ