Алыһардаах Аана. Коллектив авторов
Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Алыһардаах Аана - Коллектив авторов страница

Название: Алыһардаах Аана

Автор: Коллектив авторов

Издательство: Айар

Жанр:

Серия:

isbn: 978-5-7696-5781-8

isbn:

СКАЧАТЬ лгэлииллэрэ. Дьон көрдөһүүтүнэн ардаҕы түһэрэллэрэ, уот барыытын тохтотоллоро. Ойууннар ортолоругар отоһуттар араас ыарыыттан эмтииллэрэ.

      Ойууннар туһунан В.Н. Басилов (Шаманство // Свод этнографических понятий и терминов. Религиозные верования. М., 1993), С.А. Токарев (Ранние формы религии и их развитие. М., 1993) суруйбуттара улахан сэҥээриини ылаллар. Ити учуонайдар быһаарбыттарынан, сахалар, бүрээттэр итэҕэллэрэ уруулуулар. Бэрт өрдөөҥҥүтэ Сибиир норуоттарын Киин Азияҕа тарҕаммыт ойууннааһын прогрессивнай дьайыылара сахаларга хаалбытын туһунан В.Л. Серошевскай (Якуты. – СПб, 1896), Г.В. Ксенофонтов (Хрестес. Шаманизм и христианство. – Иркутск, 1929), Г.В. Ксенофонтов (Урааҥхай сахалар. – Иркутск, 1937), Г.А. Попов (Шаманство у якутов. Т. 7. – Якутск, 2009), О.В. Ионова (Из истории якутского народа. – Якутск, 1944), Г.У. Эргис (Очерки по якутскому фольклору. – Якутск, 2008), Н.А. Алексеев (Традиционные религиозные верования якутов в ХIХ – начале ХХ вв. Этнография и фольклор народов Сибири. – Новосибирск, 2008), М.С. Иванов-Багдарыын Сүлбэ (Үһүйээннэр уонна номохтор. – Дьокуускай, 2004), В.А. Кондаков (Ойуун эмтиир ньымалара. – Дьокуускай, 1998), В.А. Кондаков (Аар-Айыы итэҕэлэ. – Дьокуускай, 2011) үлэлэригэр суруйбуттар. Кэнники кэмҥэ саха төрүт итэҕэлин үөрэҕин киэҥ эйгэҕэ таһаардылар: У.А. Винокурова (Биһиги сахалар. – Дьокуускай, 2003), Р.И. Бравина (Шаманы – избранники небес и духов. – Якутск, 2016), В.В. Васильев-Чомпуу (Үһүйээннэр, номохтор. —Үөһээ Бүлүү, 2004), Н.Д. Васильева (Якутское шаманство (1920–1930 гг.). – Якутск, 2004).

      Бу учуонайдар саха ойууннарыгар сөптөөх сыанабылы биэрэллэрин бэлиэтиибит. Холобура, В.Л. Серошевскай ойууннары үс категорияҕа араарар:

      а) кыралар: Серошевскай суруйарынан, бу сымыйа ойууннар. Кинилэр гипнозтара суох, сиэртибэ биэрбитэ буолан дьону албынныыллар, сымыйанан эмтээбитэ буолаллар;

      в) орто ойууннар: бу категорияҕа киирээччилэр чахчы аптаахтар (гипнозтаахтар), ону сатаан туһаналлар, ыарыһахха көмө оҥоруохтарын сөп;

      с) улуу ойууннар: кинилэр күүстэрин Улуу Аар Тойон бэйэтинэн араҥаччылыыр. Күүстээх эмэгэттээхтэр. Итинник күүстээх ойууннары Хараҥа күүстэр баһылыктара истэр уонна кинилэр көрдөһүүлэрин толорор. В. Серошевскай этэринэн, Саха сиригэр биир кэмҥэ түөрт улуу ойуун баар буолуохтаах. Кини Бүлүү, Нам, Таатта уонна Бороҕон улуустарыгар олороллорун ыйбыт (В. Серошевский. Якуты. – СПб, 1896. – С. 606).

      В. Серошевскай ити үлэтигэр Саха сирин улуу ойууннарын испииһэгин – «Реестр шаманов» киллэрбит. Реестргэ бааллар: Тоҕустан (оччолорго Лүүчүн Хоту Тоҕус дэнэрэ), Челодай (Дьолуодай), Даку (Туоҕа, Дуоҕа). Үһүйээҥҥэ Дуоҕа сааһыран иһэн ойууннаабыта дэнэрэ сурукка тиһиллэн киирбитэ кэрэхсэбиллээх. Кини сиэнэ Дьолуодай ыраахтааҕыга илдьэ бараары бэлэмнээбит ойууннарыттан биирдэстэрэ. Кинилэри удьуордаан Лүүчүн сиригэр элбэх ойуун төрөөн-үөскээн аастаҕа.

      Улуу учуонай Г.В. Ксенофонтов «ойууннары таҥараттан айыллыбыт дьонунан» сыаналаабыта. Итинник сыанабылы кини Алыһардаахха биэрбитэ. 1929 сыллаахха Гавриил Васильевич Булуҥҥа баран иһэн Ааналыын көрсөн кэпсэппитэ. Биллэн турар, уһун кэпсэтиигэ улуу учуонай бэйэтин үлэтин билиһиннэрбитэ. Эдьиий Аана быраһаайдаһарыгар киниэхэ ситиһиини баҕарбыт (Ойуку). Үгүс чинчийээччилэр этэллэринэн, ойууннарга уруурҕаһыы, удьуордааһын баарын билинэллэр. Холобур, Туоҕа Боотур уола Нэльчэкэ, киниттэн Дьолуодай төрүүр. Дьолуодай кыыһа Жирковтарга кийиит буолар. Аана хос сиэн эбит.

      Саҥа былаас бастакы сылларыгар Саха сиригэр 380 ойуун баара, олортон 97-тэ Бүлүү уокуругуттан. Оччолорго ити ойуун уопсай ахсаанын үс гыммыт биириттэн ордуга киһини сөхтөрөр. Ойууннар үгүстэрэ Лүүчүн нэһилиэгиттэн төрүттээхтэр, холобур, Алыһардаах удаҕан, Тумус Мэхээлэ, Мөлөкө ойуун уо.д.а.

А.А. Павлов, М.П. Григорьев

      Бастакы түһүмэх. Дуоҕа Боотур

      Туоҕа Боотур удьуордара

      Көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэн иһэр былыргы номохтор кэпсииллэринэн, Орто Бүлүү баһыйар үгүс түөлбэлэрин ытык өбүгэлэринэн Тыгын чугас аймаҕа Дуоҕа (Туоҕа) буолар. Туоҕа Боотур Лүүчүн эмээхсин кыыһын Үрүмэччини кэргэн ылан, Кучантан чугас сытар Эбэ диэн ааттаах күөлгэ олохсуйбутун туһунан Н.Ф. Егоров суруйан ылбыт сэһэнигэр этиллэр. Дуоҕа аҕыс бииргэ төрөөбүттээҕэ эбитэ үһү. Олохтоох кырдьаҕастар кэпсииллэринэн, кини сэттэ бырааттарын ааттара – Дагдаҕар Баатыр, Лэбиэрийэ Бөҕө, Таас Уллуҥах, Ньиирээйик ойуун, Дуораан Уус, Ырыа Чоҥкунаан, Кырамай.

      Олортон ордук Дагдаҕар Боотур уос номоҕор элбэхтик киирбит. Дуоҕаны кытта Хаҥаластан 40, сорох үһүйээннэргэ этиллэринэн, 80 киһи кэлсибит. Бу дьон бары даҕаны ырааҕынан-чугаһынан аймахтыы буолуохтаахтар диэн В.А. Кондаков сабаҕалааһына оруннаах быһыылаах. Биһиги санаабытыгар Туоҕа Боотурдаах Тыгыны кытта иирсэн баран куотан Бүлүү диэки кэлбит диэн сыыһа өйдөбүл баар.

      ХVII үйэ cаҕаланыытыттан Саха сирин хаҥаластарын муҥур баһылыга Тыгын Дархан омук дойдуларын кытта сибээһи олохтуур соругу туруорбута. Омук дьонун кытта сыһыаны олохтуурга валюта наада. Сахаларга харчы оруолун киис толороро. Ити кэмҥэ киис мэнээгэ буолан булчуттар ыырдара кэҥээбитэ. СКАЧАТЬ