Сэһэн, кэпсээннэр. Тимофей Сметанин
Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Сэһэн, кэпсээннэр - Тимофей Сметанин страница

Название: Сэһэн, кэпсээннэр

Автор: Тимофей Сметанин

Издательство: Бичик

Жанр:

Серия: Саха суруйааччылара – оҕолорго

isbn: 978-5-7696-4354-5

isbn:

СКАЧАТЬ эриллибитэ. Онно, мин билэрбинэн, Николай Якутскай, Софрон Данилов, учуонай Евдокия Коркина, Дмитрий Таас, Тимофей Сметанин кыттыбыттара. Кинилэр поэттар, суруйааччылар хааннаах өстөөҕү урусхаллыырга угуйар патриотическай ис хоһоонноох айымньыларын ааҕаллара уонна фронтовиктар буорах сыттаах хоһоонноруттан, суруктарыттан билиһиннэрэллэрэ. Тыыл уонна фронт Ийэ дойду көмүскэлигэр ити курдук биир ньыгыл кэккэнэн туруммуттара.

      Биллэрин курдук, атырдьах ыйын 24 күнүгэр поэт Тимофей Егорович Сметанин Кыһыл Аармыйа кэккэтигэр ыҥырыллыбыта. Кини фроннааҕы олоҕун 284-с минометнай полка састаабыгар киирэн сулууспалааһынтан саҕалаабыта. «Биһиги өстөөҕү үүрэн иннибит диэки баран иһэбит, Россия айылҕатын өҥ салгынынан бэҕэһээ, бүгүн толору тыынным. Нэһилиэнньэ көрсөр үөрүүтэ үрдүгүөн! Сурук күүтэбин…» – диэн сэрии толоонуттан Тимофей Егорович суруйбута, хоһооннорун ыыппыта.

      Ийэ дойдубут инники дьылҕата быһаарыллыытыгар Орловскай-Курскай туһаайыыга кыргыһыылар ситиһиилээхтик ыытыллыбыттара улахан оруолламмыттара. Бу уот холоругунан өрүтэ уһуурбут сэриилэһиигэ Тимофей Сметанин Дядково дэриэбинэ таһыгар баара. Онно атаҕар бааһырбыта, доҕоро А.Полехов диэн нуучча киһитэ санныгар сүгэн таһааран өрүһүйбүтэ. Байыас госпитальга эмтэнээт, сотору кэминэн Новосокольники, Невель куораттары өстөөхтөн босхолоспута. Сити кэмҥэ Тимофейдаахха кистэлэҥ бакыаты түргэнник тиэрдэргэ сорудах бэриллибитэ. Хор, ону толоро баран иһэннэр 6 немец саллааттарыгар ыы муннуларынан анньыллыбыттара. Ытыалаһыы буолбута. Уолаттар үһүөн түргэн туттунуунан өстөөхтөрү сууллартаабыттара, командование дьаһалын чиэстээхтик толорбуттара.

      Бу бойобуой сорудаҕы толоруу Тимофей Сметанин фроннааҕы олоҕун төрдүттэн уларыппыта. Кини, дьиҥэр, связист этэ, ону баара разведкаҕа сылдьарга анаабыттара. Бу сырыыга Тимофей Егоровиһы уруһуйдьут дьоҕурдааҕа өрүһүйбүтэ, өстөөх бөҕөргөтүнүүтүн стереотруба көмөтүнэн өстөөх тыылыгар киирэн устан, бэлиэтээн ылыы улахан сатабылы эрэйэр. Биир оннук түгэҥҥэ өстөөх минометтара турар сирдэрин ыйан биэрэн, улахан хоромньуну өстөөхтөргө оҥорбуттара. «Бойобуой үтүөлэрин иһин» уонна «Хорсунун иһин» медалынан Тимофей Сметанин наҕараадаламмыта кини хорсуннук сэриилэспитин кэрэһилиир. Тимофей Сметанин фроннааҕы олоҕун туһунан бастакы очерканы суруйбут киһинэн суруйааччы Дмитрий Таас буолар, кини бу дьоһуннаах бэлиэтээһинин «Кыым» хаһыакка 1944 сыллааҕы от ыйын 4 күнүгэр бэчээттэппитэ.

      Фронтовик Т.Е. Сметанин атырдьах ыйын 28 күнүгэр 1944 сыллаахха дойдутугар эргиллибитэ. Баара-суоҕа 25 саастаах эдэркээн киһи төһө да фронтан бааһыран кэллэр, Дьокуускайдааҕы пединститут историческай отделениетыгар үөрэнэ киирбитэ. Иккис курсу бүтэрбитэ. Салгыы үөрэммэтэҕэ. Сэриигэ ылбыт бааһырыыта көбөн, Тимофей Егорович Сметанин 1947 сыллаахха атырдьах ыйыгар ыалдьан өлбүтэ. Уөуоҕа Покровскай куорат чугаһынааҕы кылабыыһаҕа хараллыбыта. Итини мин оҕолорго фронтовик туһунан биллиннэр диэн суруйдум. Төрөппүт кыыһын оҕолоро кини хаанын билигин салгыыллар.

      Ким долгуйа аахпатаҕай Тимофей Сметанин «Саллаат сүрэҕэ» диэн 1945 сыллаахха таһаартарбыт кинигэтигэр «Саллаат ахтылҕана» диэн фроннааҕы бэлиэтээһинин, хоһооннорун, онно баар «һчүгэйин да тыыннаах буолар» диэн хоһоонун. «Көрүдьүөс күн» диэн 1947 сыллаахха тахсыбыт кинигэтин сорох хоһооннорун мин билигин даҕаны өйбүттэн ааҕабын, ол курдук үчүгэйдэр.

      1951 сылтан саҕалаан Тимофей Сметанин «Талыллыбыт айымньылара» тахсаллар. Ол кинигэлэргэ өрүүтүн кини бастыҥ суруйуулара «Егор Чээрин» уонна «Мэхээлэчээн булчут кэпсээннэрэ», «Лоокуут уонна Ньургуһун» драмата баар буолаллар. Биһиги көлүөнэ Тимофей Сметанин айымньыларыгар иитиллибиппит.

      Кэлиҥҥи кэмҥэ фронтовик, поэт, кэпсээнньит, публицист, драматург Тимофей Егорович Сметанин айымньыларын Афанасий Иванович Аржаков диэн эмиэ фронтовик, саха литературатын ис сүрэҕиттэн сөбүлүүр энтузиаст киһи кэккэ сылларга кини кинигэлэрин таһаартарбыта, кини туһунан ыстатыйалары суруйталаабыта.

      Тапталлаах суруйааччыбыт Тимофей Егорович Сметанин өлбөт-сүппэт, күн-дьыл ааһан истэҕин аайытын өссө тупсан, өйдөбүлэ кэҥээн иһэр айымньылара дьэ «Саха суруйааччылара – оҕолорго» диэн серияҕа тахсар буоллулар. Фронтовик-суруйааччы үтүөкэннээх айымньыларын кинигэнэн илиигитигэр ылан ааҕар буолбуккутунан, күндү оҕолор, эһигини эҕэрдэлиибин!

      Сэмэн Тумат,

      Саха Республикатын П.А. Ойуунускай аатынан

      Государственнай бириэмийэтин лауреата

      Сэһэн

      Егор Чээрин

      Саха сиригэр – Н-скай байыаннай-пехотнай училищеттан

      Быраатым Петя, балтым Катя!

      Сэриигэ хайдах сылдьыбыккын кэпсээ, – диэн эһиги өссө былырыын суруйбуккут.

      Көрсүһэн олорон кэпсэтиэҕи, эһиги миигиттэн ырааххыт, онон суругунан эрэ кэпсииргэ тиийэбин.

      Сирэй-харах көрсөн кэпсэтэ олорорбут буоллар, – «Дьэ маннык», – диэн баран СКАЧАТЬ