Кырыыстаах таас. Тумарча
Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Кырыыстаах таас - Тумарча страница 8

Название: Кырыыстаах таас

Автор: Тумарча

Издательство: Бичик

Жанр:

Серия:

isbn: 978-5-7696-2733-0

isbn:

СКАЧАТЬ хайыахтарай, ол оннугар Сиридикээн бэйэтин хочотугар көмүс суоҕа билиннэҕэ дии. Билигин ханна эрэ салаа үрэххэ түһүөххэ наада.

7

      Лөкөй хаста даҕаны кырынан Тураҥнаах үрүйэтин төрдүттэн өлөрбүт икки чубукутун этин таста. Күһүн аайы хаар эрэ түһүөн иннинэ үөр чубуку эбэтэр кыыл таба туустаах буору салыыр сирдэригэр кэтэһэн, үстүү-түөртүү кыылы охторооччу. Быйыл хайа да дьыллааҕар эрдэ бултаата. Ол эмиэ туспа төрүөттээх этэ. Үнүр нууччаларга сылдьан кэлиэҕиттэн ылата Лөкөй хайдах эрэ уларыйбыт көрүҥнээҕэ. Санаатыгар санаа, түбүгэр түбүк эбиллэн солото суох курдук сылдьар. Бэйэтэ даҕаны сөҕөр, олох биир сиргэ тэһийэн турбат да, олорбот да буолан хаалла. Ону Алааппыйа бэлиэтии көрө охсон этэн турардаах:

      – Хайа, Лөгөнтөөс, туохтан бу туоххаһыйдыҥ? өрүү аанньа аһаабат, олоро, сынньана да түспэт буоллуҥ? – диэн.

      Лөкөй ону куолутунан истэн эрэ кэбиспитэ. Бориска кэпсээнэ кини санаатын улаханнык аймаата. Били, сибэтиэй таҥара кэриэтэ санаабыт күн ыраахтааҕыта айыыны-хараны кэриэстээбэт баҕайы эбит дии. Хайдах оннук дьон хаанын халытарга хара дьайдаах ыйаахтары биэрэрэ эбитэй? Киһи итэҕэйиэн айыыргыыр суола. Ол эрээри сиргэ-дойдуга барытыгар тарҕаммыт сураҕы суох оҥорбоккун. Ити Барыыска диэн уйан сүрэхтээх барахсан эбит. Кэпсииригэр хаана-сиинэ бэркэ алдьаммыта. Эгэ, илэ хараҕынан көрбүтүгэр дэлэлээх аймаммыта, хараастыбыта буолуо дуо? Сөпкө этээхтиир, оннук харыстаабакка кыргар буолтарын кэннэ туох иһин баран сэриилэһиэй? Туох иһин… бээ-бээ, арба ыраахтааҕы суола диэн харчынан түһээн түһэрбит сурахтаахтара. Кини өссө төлүү илик ээ. Хайыах баҕайытай? Дьиҥэ, этинэн, арыынан төлүүр кыахтаах. Ону биэриэн билигин сүрэҕэ баҕарбат буолла. Оттон биэримиэн куттанар. Бээ, дьэ, бэйэлэрэ кэллэхтэринэ көрүллүө дии саныыр. Кини Сэйимчээҥҥэ барыа суоҕа. Ол оннугар Лөкөй билигин Сиридикээҥҥэ бараары тэринэр. Ампаарыгар киирэн ыйанан турар этин астыммыттыы көрүтэлээтэ. Илии тастаах икки улахан бууту арааран ылан, эр-биир ыараҥнатан көрдө. Арааһа, балтараалыы эрэ бууту аннынан тардыыһыктар. Тахсан бэрэмэдэйин кичэйэн тэбээн киирдэ. Этин угуталаан тиһиликтэрин бэркэ дьаныһан тистэ. Сүргэтэ улаханнык көтөҕүллэн, биир кэм мичээрдиир. Бэрэмэдэйин бэлэмнээн баран дьиэҕэ киирдэ. Ол киирбитэ Алааппыйа күнүскү чэйин тарда сылдьар эбит.

      – Хайа, бу туохтан көнньүөрэн уоһуҥ ыпсыбат буолла? Кэл, чэйдээ. Ханна бараары тэринниҥ?

      – Били, нууччаларга кыра эт илдьэн биэриэм этэ. Быстардахтара буолуо.

      – Ээ, эрэйдээхтэри. Арба үнүр кэпсээтиҥ этэ дии? Илдьэн биэрдэргин абырыаҥ этэ буоллаҕа дии. Хата, били, көмүстэрин хайдах көрдүүллэрин көрөөр эрэ.

      Күн дьааһыгырыыта Лөкөй Сиридикээҥҥэ, урут көмүс булбут оломугар, кэллэ. Хайдах эрэ бу сирэ кини хараҕар кэрэтийэн көһүннэ. Урут атын мииммитинэн кэстэрэн туоруур бэйэтэ бу сырыыга атыттан түстэ. Тоҕо сатыылаабытын бэйэтэ даҕаны өйдөөбөккө хаалла. Уу улаханнык түспүт. Аатын эрэ сыккырыыр. Баҕар, эмиэ туох эмэ көстөөрөй СКАЧАТЬ